Өймөкөөн сирин төлөрүйбэт төлкөлөөх баайа – сылгыта

Олоҥхо Ыһыаҕын чэрчитинэн от ыйын 1 күнүгэр РФ уонна СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, сылгыһыт Николай Винокуров “Тонор” хаһаайыстыбатыгар “Сылгыны иитии үйэлэри уҥуордаан” диэн сылгыһыттар сэһэргэһэр түһүлгэлэрэ түстэммитэ.

Томтор нэһилиэгиттэн 11 км тэйиччи сытар сылгы базатыгар бу күн анаан-минээн Ил Түмэн дьокутаата Сахамин Афанасьев, СӨ сүөһү иитиитин, племенной дьыала, кооперация уонна фермерство Департаменын салайааччыта Николай Питимко, “Сахаагроплем” ГБТ салайааччыта Алексей Жирков, сылгыны үөрдээн иитии исписэлииһэ, ат сүүрдүүтүн кылаабынай судьуйата Николай Степанов, улуустааҕы Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Руслан Атласов уонна өрөспүүбүлүкэ суруналыыстара тиийэ сылдьыбыттара.

Бу көрсүһүүгэ улууска тыа хаһаайыстыбатын кэлимник сайдыытын тула кэпсэтии тахсыбыта, хаһаайыттар Николай Тимофеевич Винокуров уонна Лидия Николаевна Степанова ыалдьыттарын саха киһитин сиэринэн маанылаан көрсүбүттэрэ.

Көрсүһүүгэ ыалдьыттар тус санааларын сайа эттилэр.

Алексей Жирков: —  Ытык Өймөкөөн сиригэр-уотугар кэлэн саастаах алгысчыттары кытта көрүстүм, истиҥник сэлэстим. Биһиги олоҥхобут, норуоппут тылынан уус-уран айымньыта сүдү суолталааҕын бука бары өйдүөх тустаахпыт. Ол иһин саха төрүт култууратын инники сайдыытыгар өссө да күүстээх болҕомто ууруллуон наада. Оройуон аайы арчы дьиэлэрин арыйан, сахалыы тыыннаах түмсүүлэри тэрийэн, үүнэр көлүөнэ ыччаппытын сахалыы куттаах иитэн таһаарар соруктаахпыт. Онуоха биһиэхэ Олоҥхо Ыһыаҕа биир сүдү өйөбүлүнэн буолара саарбахтаммат. Бу тэрээһининэн биһиги, сахалар, норуот буоларбытын көрдөрөбүт. Бүгүҥҥү көрсүһүүбүт сүрүн тиэмэтигэр төнүннэххэ, сүөһүнү иитии төрдө билимтэн тахсар. Бу сыллар тухары биһиги тэрилтэбитигэр өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга сыһыаннаах наукаҕа олоҕурбут чинчийээлэргэ, үлэҕэ ураты болҕомто ууруллар, аныгы технологияларынан хааччыллыылаах лабораторнай комплекс үлэлиир.  Онон биһиги РФ атын эрэгийиэннэригэр үтүө холобур буолар толору кыахтаахпыт диэн этиэххэ наада.

Николай Питимко: — Племенной сылгыны иитиини өйөөһүҥҥэ быйыл Өймөкөөн улууһун 4 хаһаайыстыбата федеральнай бүддьүөттэн ботуччу харчыны ылла. Племенной сүөһүнү атыылаһыыга үп көрүллүбүтэ. Ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ сылгы базаларын тутууга көрүллүбүт 19 квота иһигэр Өймөкөөн улууһа киирбитэ улахан ситиһии дии саныыбын. Онон бу сыл үтүө өттүнэн тосхойбутун бэлиэтиэх тустаахпыт.

Николай Степанов: — Мин Олоҥхо Ыһыаҕар дьон-сэргэ үксэ олус сэргиир ат сүүрдүүтүн тэрээһинигэр үлэлээтим. Кыра нэһилиэккэ улахан тэрээһини ыытыы уустуктардаах буолара өйдөнөр. Ону ол диэбэккэ олохтоохтор күүскэ ылсан, улахан үлэни ыыппыттара көстөр. Дьиҥнээх саха аттара сүүрбүттэрэ тэрээһин уратытынан буолла. Ол иһин ат сүүрдүүтэ Тымныы полюһун боростуой сылгыһыттарын өрөгөйүнэн буолла диэххэ наада. Аттары биир үксүн оҕолор, ыччат дьон сүүрдэллэр. Онон маннык тэрээһин ыытыллара көдьүүстээх, кинилэр кэнэҕэскитин бу эйгэҕэ сыстаҕас буолаллара түстэнэр.

Ыалдьыттар түмүккэ : «Өймөкөөн сылгыта элбэх төрөлкөй төрүөхтэннин, үчүгэйтэн үчүгэйэ хааллын, хотугу сир хоодуот дьонун куруутун ааттата турдун!» — диэн тыл бастыҥын эттилэр.

Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.

Любовь Кривошапкина

Читайте дальше