Өймөкөөн сиригэр “Тымныы Полюһугар айан” кыһыҥҥы бэстибээл ыалдьыттары күүтэр

Бу өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрээһин Өймөкөөн улууһугар 2024 сыл кулун тутар 29-31 күннэригэр ыытыллыаҕа. Үгэскэ кубулуйбут кыһыҥҥы туризм бэстибээлин тэрээһиннэрэ Томтор, Өймөкөөн, Сордоҥноох уонна Үчүгэй нэһилиэктэригэр буолуохтара.

Үгүс дьон болҕомтотун, интэриэһин тардар дьаһалга Арассыыйаттан, тас дойдулартан туристар, өрөспүүбүлүкэ урбаанньыттара о.д.а. ыалдьыттар кыттыахтара.

Событийнай бэстибээл “Өймөкөөн улууһа” МО дьаһалтатын көҕүлээһининэн ыытыллар, хос тэрийээччилэринэн СӨ Урбаан, атыы-эргиэн уонна туризм министиэристибэтэ, СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, СӨ Туризм сайдыытын уонна территориятааҕы маркетинг ГАУ, СӨ “Мин биисинэһим” Киин буолаллар.

Бэстибээл чэрчитинэн ыытыллар “Өймөкөөн – кыһыҥҥы туризм киинэ” диэн урбаанньыттар пуорумнарыгар Өймөкөөн, Муома, Абый, Аллайыаха, Томпо, Таатта, Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас улуустарын бэрэстэбиитэллэрэ кытталлара билиннэ.

Томтор нэһилиэгэр бэстибээл кыттыылаахтара, ыалдьыттар Н.М. Заболоцкай-Чысхаан аатынан кыраайы үөрэтэр түмэлгэ, оскуола литературнай-кыраайы үөрэтэр түмэлигэр, Чысхаан резиденциятыгар сылдьыахтара. А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй 1924 с. туруорбут сэргэлэригэр сылдьан күүс-уох ылыныахтара.

Өймөкөөн нэһилиэгэр “Тымныы Полюһа” стела таһыгар хаартыскаҕа түһүү, Чысхаанныын көрсүһүү, “Куонан” сылгы базатыгар сылдьыы былааннанар. Ону сэргэ кэлбит дьон кыраайы үөрэтээччи, улуус ытык киһитэ Тамара Васильеваҕа ыалдьыттыахтара.

Сордоҥноохтор “Индигир өрүс баһа” туристическай маршруттарыгар ыалдьыттары күүтэллэр, кинилэри хаар устун сылдьар тэрилинэн өрүс устун хатааһылатыахтара, сылгы базатыгар сырытыннарыахтара.

Оттон Үчүгэй нэһилиэгэр кулун тутар 31 күнүгэр Табаһыт бырааһынньыга ыытыллыаҕа. Манна  таба сүүрдүүтэ, “Чысхаан оонньуулара” спортивнай күрэхтэһии, “Хотугу сир хаһаайката” чуум үлэһиттэрин күөн күрэстэрэ о.д.а. ыытыллара былааннанар.

Ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттары Томторго буолар “Хаар принцессата” оҕо куонкуруһугар, “Чысхаан ыалдьыттары көрсөр” шоу-бырагыраамаҕа, “Өймөкөөн амтана” гастрономическай бэстибээлгэ, диско-бырагыраамаҕа күүтэллэр.

Кыһыҥҥы туризм быйылгы бэстибээлэ үгэс курдук киэҥ интэриэһи үөскэтиэҕэ, Тымныы полюһунан аар-саарга аатырар Өймөкөөҥҥө сандал саас кэлиитин уруйдуур-айхаллыыр биир умнуллубат чаҕылхай бырааһынньыгынан буолуоҕа диэн эрэнэбит.

Любовь Кривошапкина

 

Читайте дальше