Өймөкөөн отчуттара 882 туонна оту бэлэмнээтилэр

Улууска оттооһун былаана 3660 тоннанан быһыллыбыта биллэр.

Улуустааҕы Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын исписэлииһэ Евдоким Кондаков биэрбит чахчытынан, улуус отчуттара атырдьах ыйын 12 күнүнээҕи туругунан барыта 882 тонна оту (24,1%) кэбистилэр.

Ол иһигэр 2-с Бороҕон нэһилиэгэр отчуттар 396 тонна (32,2%) оту бэлэмнээтилэр. Үчүгэй нэһилиэгэр отчуоттуур кэмҥэ 16 тонна (4,3%) кэбиһии турда. Өймөкөөннөр 314,5 тоннаны (28,6%) кэбистилэр. Сордоҥноох нэһилиэгэр тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылар холбоон 126,5 тонна (21,1%) оттоннулар. Оттон Төрүт нэһилиэгэр отчуттар билиҥҥитэ 29 тонна (8,7%) оттоохтор. Улууска билигин күн-дьыл көнүөх курдук, онон олохтоохтор төһө кыалларынан элбэх күөх маассаны бэлэмнииргэ сыралаһан үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

Любовь Кривошапкина

Читайте дальше