Өймөкөөн орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ “Илгэ” лааҕырга эмтээх оту кыһыҥҥыга хаһааныахтара

Соторутааҕыта Өймөкөөн нэһилиэгэр “Илгэ” үлэ лааҕыра аһылынна. Лааҕыры учууталлар Тамара Луковцева уонна Ирина Сивцева салайаллар.

Оскуола психолога, 41 сыл үөрэхтээһин эйгэтигэр таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар Ирина Сивцева манна туох үлэ барыахтааҕын билиһиннэрдэ.

— Лааҕыр икки хайысханан үлэлиир: оҕуруот аһын (оҕурсу, помидор, биэрэс) олордон көрүү-истии уонна Өймөкөөн эмтээх үүнээйилэрин хомуйуу, хатарыы, харайыы.

Быйыл оҕолор эбиэккэ диэри бөһүөлэккэ сылдьан бириэмэлэрин атаараллар. Күн иккис аҥаарыгар кинилэри кытта айылҕаҕа тахсан сиргэ-уокка хайдах туттан-хаптан сылдьарга, сиэри-туому тутуһарга, айылҕа кэрэтин кэрэхсээн көрөргө, тулалыыр эйгэни харыстыырга, ыраастык-чэбэрдик сылдьарга үөрэтэбит.

Маны сэргэ кыһыны быһа оҕолорго утах оҥорон иһэрдэргэ анаан тиит иннэтин хомуйабыт. Кэлэр нэдиэлэттэн болбукта лабаатын, биһиэхэ үүнэр араас отон сэбирдэхтэрин, кучу оту хомуйар былааннаахпыт. Сугун, дөлүһүөн, кыһыл отон хомуйан оҕолорго кэлэр үөрэх дьылыгар утах оҥорон иһэрдэргэ, отону тоҥорон сиэтэргэ бэлэмниэхпит.

Оҕо сайынын туһалаахтык атаарарыгар маннык үлэ лааҕырдарын туһата сүҥкэн буоллаҕа.

Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.

 Евдокия Егорова