Бу күннэргэ Нам улууһун халаантан эмсэҕэлээбит нэһилиэктэригэр өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо дьиэни-уоту хомуйууга, бөхтөн-сыыстан ыраастааһын үлэтигэр эрэ буолбакка, сүөһүнэн, отунан, уматыгынан, быһата, ким хайдах сатанарынан, кыалларынан көмөнү, өйөбүлү оҥороллор.
ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭ араас улуустарыттан төрүттээх дьон, олохторун аргыһын кытта олохсуйан, Нам улууһун иккис дойду оҥостон олорбуттара быданнаата. Кинилэр дьиэ кэргэттэрэ айылҕа иэдээнигэр эмсэҕэлээбиттэрин истээт, ким ууга барбыт нэһилиэккэ бэйэтэ кэлэн субуотунньуктуур, ким ыраах олорор аһымал аахсыйа тэрийэн көмөлөһөр.
Бэҕэһээ, ыам ыйын 29 күнүгэр, Тымныы полюһун олохтоохторо, Томтор уонна Өймөкөөн нэһилиэктэрин айар кэлэктииптэрэ биир дойдулаахтара, Нам улууһун Модут нэһилиэгэр олорор Мария Гуляева дьиэ кэргэнигэр анаан аһымал аахсыйа тэрийдэ.
Бу туһунан Мария Семеновна бииргэ төрөөбүт убайа Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ маннык кэпсиир:
— Балтым Мария Модут нэһилиэгин олохтооҕо Иван Гуляевка кэргэн тахсан ыал буолан, алта оҕолонон, икки сиэннэнэн олорбута 30-ча сыл буолла. Дьоллоохтук олорбут ыал аҕыйах чаас иһигэр дьиэтэ, хотоно, гарааһа суох, турар бэйэлэрэ эрэ хааллылар. Өрүс диэки аллараа олорбут буолан, дьиэлэрин кырыыһатыгар тиийэ уу ылбыт. Томтор нэһилиэгин Култуура дьиэтин уус-уран салайааччыта Евдокия Готовцева көҕүлээһининэн икки нэһилиэк — Томтор уонна Өймөкөөн дьоно кэнсиэртээн, дьаарбаҥка уонна лотерея тэрийэн, 74 805 солкуобай харчынан көмө оҥоһулунна. Ол курдук, дьаарбаҥкаҕа, ким сүөгэйинэн, кус этинэн, барыанньанан уо.д.а. аһынан кыттыһан, көхтөөхтүк кытыннылар. Мин бэйэм үс уруһуйбун уонна хаартыскаларбын атыылаан көмөлөстүм. Биһиги аймахтарбыт аатыттан балтыбыгар көмөлөспүт биир дойдулаахтарбытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Мария Гуляева бар дьонун көмө харчытын тутаат, тута социальнай ситиминэн хардатын ыыппыт: «Бары бииргэбит» аһымал аахсыйа тэрийээччилэрэ! Биһиги дьиэ кэргэн кыһалҕатын тэҥҥэ үллэстэн, анал тэрээһин тэрийэн эрэргитин истэн олус диэн соһуйдубут, долгуйдубут, сиртэн халлааҥҥа диэри махталбытын тиэрдэбит!
Мин дойдум, Өймөкөөнүм барахсан! Отут сыл анараа өттүгэр ыраах омук анала буолан барбыт кыыһыҥ эйиигин сүрэхпэр өрүү илдьэ сылдьабын. Индигиирим, хайаларым — бүппэт ахтылҕан буолан куруук бииргэҕит, олоҕум тухары арахсыспат аргыс буолан сылдьаҕыт!
Бар дьоммор махтанабын. Биһиги туспутугар маннык үрдүк таһымнаах тэрээһин ыыппыккыт олус да долгутуулаах. Бэйэбит эрэ буолбатахпыт, чугастык саныыр, өйүүр, биһиги туспутугар кыһанар, ыалдьар дьон бааллара биһигини дьоллуур! Баҕарабын бука барыгытыгар или-эйэни, дьолу-соргуну! Баҕа санааҕыт барҕара турдун, кэрэ санааҕыт кэккэлэһэн кэлэ турдун, чэгиэн буолуҥ, чэбдик буолуҥ, толору дьоллоох буолуҥ!
Ыраах Намтан Мария Гуляева (Сивцева) — Байаан Сэмэн кыыһа Маарыйа».
ИТИ КУРДУК, айылҕа иэдээнигэр түбэспит Нам улууһун нэһилиэктэрин олохтоохторугар араас хайысхалаах көмө оҥоһуллан, сааскы халаан уутуттан эмсэҕэлээбит дьон санааларын көтөҕөр, олохторун чэпчэтэр тэрээһиннэр салгыы ыытыллаллар.
Елена ПОТОЦКАЯ