Өймөкөөн олохтоохторун быыбарга сыһыаннаах санаалара

Дойду бэрэсидьиэнин быыбарын саҕана биһиги улуус олохтоохторуттан бу улахан суолталаах общественнай-бэлитиичэскэй дьаһал туһунан санааларын билистибит.

Владимир АЛЕКСЕЕВ, “Төрүт нэһилиэгэ” МТ дьаһалтатын баһылыга:

— Тыа сирин дьонугар ханнык даҕаны таһымнаах быыбар өрүүтүн бырааһынньык тэҥэ буолар. Инньэ гынан быыбар саҕаланаатын кытта улуустарга түөлбэлээн олорор дьону национальнай таҥастаргытын кэтэн кэлэн куоластаан диэн ыҥырыы тахсыбыта. Онуоха биһиги, Төрүт нэһилиэгин олохтоохторо, Өймөкөөн улууһун ааттаан, төһө кыалларынан сахалыы таҥаспытын-саппытын таҥнан-симэнэн кэлэ сатаабыппыт.

Биһиэхэ өрүүтүн буоларын курдук, ытык кырдьаҕастарбыт куоластааһыҥҥа олус көхтөөхтүк кытталлар. Ол курдук ытык эбэбит диэн ааттыыр кырдьаҕаспыт, 93 саастаах Христина Кононовна Каландарова быйыл даҕаны куоластаата. Биһиэхэ хас быыбар аайы бэйэтэ быыбардыыр учаастакка кэлэн куолаһын биэрэр өссө биир ытык киһибит, 91 сааһыгар барбыт Мария Гаврильевна Егорова эмиэ гражданскай иэһин чиэстээхтик толордо.

Маны тэҥэ быйыл нэһилиэкпитигэр 18 саастарын туолбут оҕолорбут Кристиан Атласов уонна Кристина Березкина аан бастакытын куоластаатылар. Кристиан аҕата анал байыаннай дьайыыга сылдьар. Киниэхэ олохтоохтор кыах баарынан көмө, өйөбүл буоларга кыһаллабыт.

Альберт ВЕНЗЕЛЬ, “Сордоҥноох нэһилиэгэ” МТ дьаһалтатын баһылыга:

— Быыбар этэҥҥэ ааста. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уонна СӨ Ил Дархана Айсен Николаев 2024 сылы Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларынан биллэрбиттэрэ олус кэрэхсэбиллээх. Нэһилиэк олохтоохторо инники кэскиллэрин саныыр, оҕолорун, чугас дьонун уйгулаах олохтоноллоругар ыалдьар буолан, быыбар курдук улахан суолталаах дьаһалга көхтөөхтүк кытыннылар.

Өскөтүн хас биирдии киһи дьиэ кэргэнигэр барыта этэҥҥэ буоллаҕына, кини уопсастыба да туһугар кыһаллара, сайдыы туһугар туруулаһара күүһүрэр буоллаҕа дии. Онон туох барыта дьиэ кэргэни, оҕону кытта эргиччи сибээстээх буолан тахсар.

Томтордооҕу быыбардыыр учаастак бэрэссэдээтэлэ Любовь Скрыбыкина кэпсээбитинэн, бу нэһилиэккэ үгүс далбар хотуннар сахалыы национальнай көстүүмнэрин, сахалыы моһуоннаах соннорун кэтэн кэлбиттэрэ көрүөхтэн эриэккэс буолла. Бу нэһилиэк ытык олохтооҕо Иннокентий Иннкентьевич Егоров хаһан даҕаны быыбары көтүппэт. Кини бу да сырыыга быыбар бастакы күнүгэр кулууп дьиэҕэ кэлэн куоластаан барда.

Томтор нэһилиэгинээҕи Култуура киинин уус-уран салайааччыта Евдокия Готовцева санаатын маннык үллэһиннэ:

— Быыбар диэн биһиги инники сайдыылаах олохпутун кэрэһилиир сүдү суолталаах дьаһал буолар. Мин, култуура эйгэтин үлэһитин быһыытынан, “Култуура” национальнай бырайыак кэлимник олоххо киириитин биһириибин. Маны таһынан атын да бырайыактар, тустаах бырагыраамалар дьон-сэргэ туһугар үлэлииллэрэ сылтан сыл күүһүрэн иһэрэ олохпут тупсан иһиитин мэктиэтинэн буолаллар.

“Өймөкөөн Тымныы Оройо” муниципальнай тэриллиигэ быыбардыыр учаастактар үс сиринэн үлэлээтилэр – Өймөкөөн нэһилиэгэр (бэрэссэдээтэл Аксинья Гермогенова), Биэрэк-Үрдэ учаастакка (бэрэссэдээтэл Маргарита Винокурова) уонна Хара-Тумулга (бэрэссэдээтэл Мария Аммосова).

Быйыл 18 саастарын туолбут 11-с кылаас үөрэнээччилэрэ быыбарга кыттыбыттара элбэхтэ бэлиэтэннэ. Ол курдук, Өймөкөөҥҥө Петя Борисов, оттон Үчүгэй нэһилиэгэр Снежана Кондакова уонна Амелия Слепцова олохторугар бастакы быыбарга кытыннылар.

Үчүгэйдээҕи быыбардыыр учаастак салайар Ньургуйаана Находкина иһитиннэрбитинэн, нэһилиэк үгүс олохтооҕо, ол иһигэр эр дьон быыбар күн эбээннии, сахалыы национальнай таҥастарын кэттилэр. Быыбардыыр учаастак чилиэннэрэ бу күн дьиэлэринэн эмиэ сылдьан хас даҕаны киһини куоластаттылар.

Сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.

Любовь Кривошапкина

Читайте дальше