Өймөкөөн нэһилиэгин минньигэс астааҕа

Өймөкөөн нэһилиэгин олохтооҕо Любовь Кондакова ас эйгэтигэр үлэлээбитэ быйыл хаһыс да сыла буолла. Любовь Ипатьевна “минньигэс” үлэтин, дьон билигин ханнык тортары сөбүлээн сакаастыырын, төрөөбүт күн тортарын хайдах астыырын туһунан биһиэхэ үөрэ-көтө кэпсээтэ.

Мин 2003 сылтан ыла Н.О. Кривошапкин аатынан Өймөкөөн орто оскуолатыгар поварынан үлэлии-хамсыы сылдьабын. Быйыл бу эйгэҕэ үлэлээбитим номнуо 21-с сыла буолла. Араас аһылыгы астыырбын оҕо эрдэхпиттэн сөбүлүүбүн. Онуоха ийэбин көрөн үөрэммитим. Киһи баҕалаах буоллаҕына ханнык баҕарар үлэни кыайыан сөп дии саныыбын, — диэн сэһэргиир асчыт.

Кини сүрүн үлэтин таһынан иллэҥ кэмигэр дьонтон сакаас ылан торт астаан эбии дохуот киллэринэр, дьонун-сэргэтин күндүлүүр.

Тортарбын ис-испиттэн иэйэн туран астыыбын, — диэн үллэстэр Любовь Ипатьевна. — Оннооҕор түүннэри хайдах буолуохтааҕын ойуулаан көрөбүн. Биллэн турар, үлэтэ элбэх. Ол эрэн ыарахантан чаҕыйбаппын, төттөрүтүн дуоһуйуу ылабын.

Аныгы сайдыылаах олоххо маастар-кылаастарга сылдьан элбэҕи билиэҕиҥ, астааһын араас албастарыгар үөрэнэн, толлубакка инники диэки хардыылаан иһиэҕиҥ диэн Любовь Кондакова бэйэтин курдук дьарыктаах дьоҥҥо-сэргэҕэ санаатын тириэрдэр.

Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.

Евдокия Егорова

Читайте дальше