Ол курдук манна соторутааҕыта историческай суолталаах тэрээһин буолла: саҥа модульнай хочуолунай үлэҕэ киириитин үөрүүлээх сиэрэ-туома ыытылынна.
Хочуолунай “Теплоэнергосервис” ААУо инвестиционнай бырагырааматын иитинэн тутулунна. Оттон матырыйаалын миэстэтигэр тиэрдии олохтоох көҕүлээһин бырагырааматын нөҥүө оҥоһулунна диэн эрэдээксийэҕэ “Өймөкөөн Тымныы Оройо” МТ дьаһалтатын кылаабынай исписэлииһэ Наталья Реброва иһитиннэрдэ.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ “Теплоэнергосервис” ААУо генеральнай дириэктэрэ Максим Трофимов уонна бу тэрилтэ улуустааҕы салаатын дириэктэрин э.т. Максим Ямщиков, улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Алексей Федотов, “Өймөкөөн Тымныы Оройо” МТ дьаһалтатын баһылыга Павел Васильев, ыстаарсай маастар Николай Старков олохтоохтору эҕэрдэлээн туран, кыһыл лиэнтэни быстылар. Учаастакка кулууп уонна уһуйаан, 30 кэтэх, үс элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр саҥа модульнай хочуолунайтан холбонон, олохтоохтор чысхаан тымныыны ичигэс дьиэлэргэ көрсөн абыраннылар.
Олохтоохтор хочуолунай тутуллан, дьиэлэригэр кииннэммит ититии киирбитинэн бары салайааччыларга, үлэлээбит дьоҥҥо-сэргэҕэ махталлара муҥура суох.
Биэрэк-Үрдүн олохтооҕо, кулууп дириэктэрэ Татьяна Итегелова санаатын маннык үллэһиннэ:
— Сэлиэнньэбитигэр саҥа хочуолунай үлэҕэ киирэн, дьон-сэргэ үөрүүтэ сүҥкэн. Олохтоох дьаһалта баһылыга Павел Васильев күүстээхтик туруорсан, хас эмэ сыл устата утумнаахтык үлэлэһэн, сыалын-соругун ситтэ, ылыммыт соругун олоххо киллэрдэ. Бу үөрүүлээх күн саҥа тутуу киирэр ааныгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга кыһыл лиэнтэ быһыллан, аал уоту алаадьынан, саламаатынан айах тутан алгыс тыла этилиннэ, уруй-айхал буолла. Олохтоохтор, Дьокуускайтан, Уус-Ньараттан бу бырайыак үлэҕэ киирэригэр сүүрбүт-көппүт, күүс-көмө буолбут туһааннаах үлэһиттэр бары кэлэн, тоҕуоруһан туран, үтүө күнү уруйдуу көрүстүлэр.
Олохтоохтор ааттарыттан аҕа баһылыкпытыгар Павел Валентиновичка муҥура суох махтанан туран, сахалыы истиҥ айылгылаах бэлэх туттарылынна. Бу күн истиҥ кэпсэтиһии, эҕэрдэлэһии, махтал тыллар үтүөлэрэ этилиннилэр.
Любовь Кривошапкина