Өймөкөөн нэһилиэгэр “Көмүс күһүн” дьаарбаҥка олус интэриэһинэйдик ааста

Н.О. Кривошапкин аатынан Өймөкөөн орто оскуолатыгар сыл аайы ыытыллар саамай сөбүлүүр тэрээһиммит — “Көмүс күһүн” дьаарбаҥка ыытылынна.

Бастакы түһүмэххэ аһы-үөлү уурар миэстэни киэргэтиини сыаналааһын, иккискэ – оҥоһуктары көрүү буолла.  Оттон үһүс түһүмэххэ оҕолор “Тупсаҕай зонт” уонна  “Тупсаҕай сэлээппэ” куонкурустарга кытыннылар.

Күһүҥҥү тэрээһиҥҥэ оскуолаҕа үтүө үгэс быһыытынан үгүс ыалдьыт тоҕуоруста. Оҕолор оҕуруот аһыттан оҥоһуллубут бүлүүдэ арааһын, отоннорун, барыанньаларын, бурдук ас эгэлгэтин тэлгэтэн, атыы-тутуу көхтөөхтүк барда.2-с кылаас үөрэнээччилэрэ, бастыҥтан бастыҥнар

 

9 -с кылаас уоланнара инники кирбиигэ

«Бастыҥ остуол» 6 кылаас үөрэнээччилэрэ

Айылҕа күһүҥҥү бэлэҕиттэн, 10-с кылаас үөрэнээччилэрэ

Оҕолор «Көмүс күһүн» оҥоһуктара:

Виктор Старков, 10 кылаас

Сайаана Васильева, 10 кылаас

Янита Старкова, 2 кылаас

Уйгууна Кривошапкина, 1 кылаас

Нарыйа Корякина, 6 кылаас

Иван Носов, 6 кылаас 

Хас биирдии кылаас турар миэстэлэрин тупсаҕайдык киэргэтэн, киһи эрэ кэрэхсиир гына оҥостубуттар.

Дьаарбаҥкаттан оҕолор, учууталлар, төрөппүттэр, ыалдьыттар бары дьиэлэригэр өттүк харалаах тарҕастылар.

Сатабыллаах оҕолорбутугар, сырдык санаалаах төрөппүттэрбитигэр, билиилээх-көрүүлээх учууталларбытыгар көмүс күһүн дьаарбаҥкатын киэргэппиккитигэр, байыппыккытыгар барҕа махтал буолуохтун!

Найаана Корякина, 8-с кылаас,

Өймөкөөн