“Өймөкөөн Тымныы Оройо” МТ дьаһалтатын тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Елена Винокурова кэпсээбитинэн, бу нэһилиэккэ соҕотох “Илгэ” ТХПК нэһилиэнньэттэн үүтү соҕотуопкалааһынынан дьарыктанар.
Тэрилтэ салайааччытынан Владимир Итегелов үлэлиир. Владимир Михайлович бу иннинэ кэпэрэтииби Биэрэк Үрдэ учаастакка үлэлэтэ сылдьыбыта. Быйыл Өймөкөөн нэһилиэгэр баар ”Индигир” ТХПК сабыллан, тэрилтэҕэ уларыта тутуу тахсыбыта.
“Илгэ” ТХПК өр сылларга тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр таһаарыылаахтык үлэлээн кэлбит Елена Винокурова маастардыыр. Кэпэрэтиип лаборана — Антонина Старкова.
Исписэлиистэр Өймөкөөн нэһилиэгин бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарааччыларыттан үүттэрин 1 лиитэрэтин 33 солкуобайга бары ирдэбили тутуһан туталлар.
Быйыл манна нэһилиэнньэттэн үүтү тутууну бэс ыйын 18 күнүгэр саҕалаабыттара. Тэрилтэҕэ үүттэрин нэһилиэк 20 тус хаһаайыстыбата туттарар.
Манна урукку курдук үүтү тутууга чопчу былаан диэн түһэриллибэт. Нэһилиэнньэ төһө үүтү аҕалан туттарарын тута соҕотуопкалаан иһэллэр. Ол курдук, билиҥҥитэ, икки ый иһигэр “Илгэ” ТХПК үлэһиттэрэ нэһилиэнньэттэн уопсай 30-ча тонна үүтү тутан соҕотуопкалаан, 963 киилэ арыы оҥорон таһаардылар. Үүтү туттарбыт дьон ТХПК-н бэлэм бородууксуйаны ылан, тустарыгар туһаналлар. Тутуллубут үүттэн 25 бырыһыана тэрилтэҕэ хаалар. Сорох хаһаайыстыбалар ыан аҕалбыт үүттэрин суотугар, үөһэ ыйыллыбытын курдук, бородууксуйанан, ахсааннаах дьон уу харчытынан аахсан ылаллар.
Любовь Кривошапкина