Өймөкөөн кыраайы үөрэтээччитин саҥа кинигэлэрэ күн сирин көрдүлэр

Өймөкөөн дьонун-сэргэтин биир сүдү суолталаах тэрээһинин — XVI Олоҥхо Ыһыаҕын чэрчитинэн — кыраайы үөрэтээччи Тамара Васильева саҥа кинигэлэри бэлэмнээн таһааттарда. 

Олортон биирдэстэрэ — «Өймөкөөн фольклора. 2-с кинигэ» буолар.  Бастакы кинигэтин Тамара Егоровна өссө 2016 с. таһааттарбыта. Кини онон уоскуйан хаалбакка, салҕыы үлэлэһэн, эбии матырыйаал хомуйан, элбэх сыратын биэрэн туран саҥа кинигэни бэчээттэттэ.

Кинигэ олус баай ис хоһоонноох.  Хас да салаалартан турар. Олор истэригэр «Биир дойдулаахтарбыт суруйуулара», «Өймөкөөн айылҕаттан айдарыылаахтара» , «Өймөкөөн дьиктилээх сирдэрэ» , «Күүстээхтэр, хорсуннар, бэргэннэр» , «Фольклор оймяконских эвенков» о. д. а бааллар.  Диалектологическай, фольклорнай эспэдииссийэлэр матырыйааллара ааҕааччы болҕомтотун тардаллара саарбаҕа суох.

Ааптар Т.Е. Васильева  киирии тылыгар «Саха сирин икки улуу киһитэ: Н.О. Кривошапкин, А.Е. Кулаковскай дьоммут-сэргэбит тыыннаах буолалларыгар дууһаларын ууран, сыраларын-сылбаларын биэрбиттэригэр махтана, кинилэри саныы, үйэтитэ сылдьар иэстээхпит, кэннибититтэн хаалар кэнчээри ыччаппытыгар тугу билэрбитинэн кэпсээн-ипсээн үйэлэрин уһатыаҕыҥ, кинилэр үрдүк ааттарыгар сүгүрүйүөҕүҥ», — диэн суруйар.

Бу саҥа таһаарыылар хас биирдии ыал кинигэтин долбууругар дьоһун миэстэни ылыахтарын сөп. Ылан ааҕыҥ, тускутугар туһаныҥ диэн сүбэлиэм этэ.

Тамара Винокурова, биһиги общ.корр.

Читайте дальше