Өймөкөөн дьоно биир сомоҕо буолан

Өймөкөөн улууһун олохтоохторо анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарын, Саха сириттэн барбыт уолаттары өйөөн, ким туох кыахтааҕынан көмөлөһөллөр, өйөбүл буолаллар.

Ол курдук, “Чэчир” уһуйаан (сал. Уруйдаана Егорова) үлэһиттэрэ улахан маскировочнай сиэккэни оҥорбуттара. Маныаха уһуйаан үлэһиттэрин сэргэ оскуола кэлэктиибэ, оскуола “Айтэс” түмсүүтүн кыргыттара, нэһилиэк олохтоохторо улахан күүс-көмө буолбуттара.

Оттон Г.А. Кривошапкин аатынан Төрүт орто оскуолатын кэлэктиибэ харысхаллары оҥордо. Харысхалы кытта мөһөөччүккэ кыа уга, сиэл уонна этиҥ охсубут маһын кырамтата угуллар.

Оскуола кэлэктиибэ (дириэктэр Гаврил Павлуцкай) СВО-ҕа сылдьар байыастарга анаан харчы, ас-үөл хомуйуутугар, ханнык баҕарар аһымал тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттарын бэлиэтиир тоҕоостоох.

Сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.

Любовь Кривошапкина

Читайте дальше