Олунньу 3-4 күннэригэр Туймаада туонатыгар, Дьокуускайга, «Триумф» спортивнай комплекс уораҕайыгар өтөрүнэн буолбатах улахан суолталаах тэрээһин буолара күүтүллэр. Ол курдук Бүтүн Россиятааҕы Гран-при «Хаҥалас хапсаҕайа» диэн ааттанар турнир ыытыллаары турар.
ТЭРИЙЭЭЧЧИЛЭР биллэрэллэринэн, быйылгы 28-с күрэхтэһиигэ күүстээх бөҕөстөр Саха сириттэн, Казахстантан, Кыргызстантан, Узбекистантан, Татарстантан, Монголияттан, Бурятияттан, Тываттан, Алтайтан, Хакасяттан уонна Чувашияттан кыттыахтара.
БИҺИГИ биир дойдулаахпыт — блогер, урбаанньыт, тустуу сүгүрүйээччитэ, спортивнай күрэхтэһиилэри тэрийээччи Дыгын Дягилев Өймөкөөн улууһун эдэр бөҕөстөрө бу тыҥааһыннаах турнирга кытталларын туһунан кэпсээтэ. Ол курдук хамаанда састаабар киириэхтэрэ:
57 киилэҕэ:
— Винокуров Дугуйдан
— Канаев Алексей
— Неустроев Феликс
— Винокуров Гаврил
— Княжев Олег
- 65 киилэҕэ:
— Прокопьев Гурий
— Репин Алексей
— Атласов Петр
- 75 киилэҕэ:
— Казарин Сулустаан
— Павлов Павел
— Винокуров Александр.
Бу ааттаммыт уолаттарбыт улахан суолталаах, эппиэтинэстээх күрэхтэһиигэ кыттаары бэлэмнэнэ сылдьаллар эбит. Улууспут, республикабыт чиэһин көмүскээри туруулаһа сылдьар спортсменнарбытыгар ситиһиини, табыллыыны, тулууру баҕарыаҕыҥ.
Хаҥалас хапсаҕайа «Саха» НКИХ ханаалыгар көстүөҕэ, диэн тэрийээччилэр эрэннэрэллэр.
Тамара Винокурова
Хаартыскалары Дыгын Дягилев тиксэрдэ
Сиһилии «Хотугу сардаҥа» хаһыакка ааҕыҥ