Саамай ыарахан историческай кэмнэргэ Арассыыйа норуоттара биир сомоҕо буолан уустук кэмнэри этэҥҥэ туораабыттара. Норуот сомоҕолоһуута сүрүн духуобунай сыаннастары түмэр: өбүгэлэрбит муударастарын, түмсүүлэрин, үтүөҕэ дьулуурдарын, хардарыта өйөсүһүүлэрин. Арассыыйа сайдыылаах кэскилэ биһиги хас биирдиибититтэн тутулуктаах. Өймөкөөн оройуона араас омук дьоно биир дьиэ кэргэн курдук иллээхтик түөлбэлээн олорор интернациональнай улуус быһыытынан аатырыан аатырар. Норуот биир сомоҕо түмсүүтэ үтүөнү, үйэлээҕи, бэйэ-бэйэни өйөһүүнү саҕар. Эһиэхэ барыгытыгар дьолу-соргуну, үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабын. Хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ, ыалга норуоттар сомоҕолоһууларын күнэ эйэни-или, дьолу-соргуну, үөрүүнү-көтүүнү аҕаллын!
“Өймөкөөн улууһа” МТ баһылыгын э.т. Александр ИВАНОВ.