Саҥа ыал буолар, бастакы-иккис оҕолонор эдэр ыалларга судаарыстыбаттан туох көмө баарый? Көмө миэрэлэрин, табыгастаах буоллун диэн, биир сиргэ түмэн таһаарабыт. Салгыы элбэх оҕолоохторго, кыаммат ыалларга көмөнү туспа түмэн таһаарыахпыт.
Ыал буолууга
2024 сылтан ыла иккиэн 25 саастарын туола илик, аан бастаан ыал буолар эдэр дьоҥҥо 50 тыһыынча солкуобай төлөнөр. Кинилэр Саха сиригэр бастайааннай олорор, Арассыыйа гражданнара буолуохтаахтар.
Бу биирдэ бэриллэр төлөбүр эдэр ыал саахсаламмыта 6 ый ааһа илик буоллаҕына, ананар. Сайабылыанньаны социальнай көмүскэл управлениетыгар, Элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ баран эбэтэр E-Yakutia портал нөҥүө бэриллэр.
Саҥа чэпчэтии
2026 сылтан оҕолоох ыалларга саҥа чэпчэтии киирэр. Дьокутааттар 178 №-дээх федеральнай сокуону ылыннылар. Нолуокка чэпчэтиини кимнээх ылар кыахтаахтарый?
Үлэлиир төрөппүт икки уонна онтон элбэх сокуоннай сааһын туола илик оҕолоох (үөрэнэр буоллаҕына, 23 сааһыгар диэри) буолуохтаах. Былырыыҥҥы сылга хамнаһыттан 13%-наах НДФЛ нолуогу төлөөбүтэ ирдэнэр. Дьиэ кэргэн хас биирдии чилиэнигэр тиксэринэн, уопсай дохуоттара тиийинэн олоруу алын кээмэйин 1,5 төгүллээх кээмэйиттэн кыра буоллаҕына бэриллэр. Маны тэҥэ, алимеҥҥа иэс суох буолуохтаах.
Чэпчэтии кээмэйэ төһөнүй? 13%-тан 6%-ны көҕүрэтэллэр. Бу араастаһыыта — 7% төннөрүллэр. 2026 сылтан саҕалаан, сыл аайы ылыахха сөп. Холобур, төрөппүт хамнаһа 50 тыһыынча солкуобай буоллаҕына, 13%-наах нолуога сылга 78 тыһыынчаҕа тэҥнэһэр. Оччотугар нолуокка чэпчэтии быһыытынан, сылга 42 тыһыынча солкуобай төннөр.
Маннык нолуокка толуйуу (налоговый вычет) төрөппүттэргэ иккиэннэригэр төлөнөр. Сайабылыанньаны Социальнай пуондаҕа, Элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ баран эбэтэр «Госуслуги» портал нөҥүө биэриэххэ сөп. 2026 сыл бэс ыйын 1 күнүттэн алтынньы 1 күнүгэр диэри сайабылыанньаны биэриэххэ сөп.
БАСТАКЫ ОҔО ТӨРӨӨТӨҔҮНЭ
Биирдэ бэриллэр төлөбүр
Бастакы оҕотун төрөппүт (иитэ ылбыт) дьахтарга эбэтэр бастакы оҕотун соҕотох иитэр аҕаҕа бэриллэр.
Оҕо 2019 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн төрөөбүт буолуохтаах. Төрөппүт РФ гражданина уонна Саха сиригэр үс сылтан итэҕэһэ суох олорбут буолуохтаах.
Төлөбүр кээмэйэ – 1 зона – 55 694 солкуобай.
2 зона – 46 650 солкуобай.
Сайабылыанньаны оҕо төрөөбүтэ 6 ый ааһа илигинэ, социальнай көмүскэл управлениетыгар, Элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ баран эбэтэр E-Yakutia портал нөҥүө бэриллэр.
Бастакы оҕо 3 сааһын туолуор диэри бэриллэр ыйдааҕы төлөбүр
Бу төлөбүр бастакы оҕотун төрөппүт (иитэ ылбыт) дьахтарга эбэтэр ийэ өлбүт (ийэ буолар бырааба быһыллыбыт) буоллаҕына, оҕо аҕатыгар, эппэкиинигэр төлөнөр.
Оҕо 2018 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2022 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрөөбүт буолуохтаах. Дьиэ кэргэн дохуота хас биирдии чилиэнигэр тиксэринэн, тиийинэн олоруу алын кээмэйин 2 төгүллээх кээмэйиттэн кыра буоллаҕына, бэриллэр.
Төлөбүр кээмэйэ: 1-кы зона – 27 847,00 солкуобай.
2-с зона – 23 325,00 солкуобай.
Оҕо 6 ыйын туолуон иннинэ сайабылыанньа бэриллибит буоллаҕына, төлөбүр оҕо төрөөбүт күнүттэн ааҕыллар. 6 ыйын ааһан баран, биэрдэххэ, сайабылыанньаны суруйбут күнүттэн ааҕыллан бэриллэр.
Ийэ хапытаала
Бастакы оҕотун төрөппүт (иитэ ылбыт) дьахтарга, ону тэҥэ, бастакы оҕотун соҕотох иитэр аҕаҕа бэриллэр.
Оҕо 2020 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн төрөөбүт буолуохтаах (эбэтэр, оҕону иитэ ылыы туһунан суут быһаарыыта 2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киирбит буоллаҕына). Төрөппүттэр РФ гражданнара уонна Арассыыйаҕа бастайааннай олорор буолуохтаахтар.
Кээмэйэ: 630 380,78 солкуобай.
ИККИС ОҔО ТӨРӨӨТӨҔҮНЭ
Ийэ хапытаала
Иккис уонна онтон кэлэр оҕотун төрөппүт дьахтарга, ону тэҥэ, иккис уонна онтон кэлэр оҕотун соҕотох иитэр аҕаҕа бэриллэр.
Оҕо 2007 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн төрөөбүт буолуохтаах (эбэтэр, оҕону иитэ ылыы туһунан суут быһаарыыта 2007 сыл тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киирбит буоллаҕына). Төрөппүттэр РФ гражданнара уонна Арассыыйаҕа бастайааннай олорор буолуохтаахтар.
Кээмэйэ: 202 643,96 солкуобай (дьиэ кэргэн бастакы оҕотугар Ийэ хапытаалын ылбыт буоллаҕына);
– 630 380,78 солкуобай (Ийэ хапытаалын 2019 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри туһаныллыбатах буоллаҕына);
– 833 024,74 руб. (2020 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн иккис оҕо төрөөбүт (иитэ ылыллыбыт) буоллаҕына.
Дьиэ кэргэҥҥэ бастакы, иккис оҕо тэҥинэн төрөөтөхтөрүнэ, 2024 сылга олохтоммут кээмэйинэн ылаллар — 833 024, 74 солкуобай.
Сайабылыанньаны Социальнай пуондаҕа, Элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ баран эбэтэр “Госуслуги” портал нөҥүө биэриэххэ сөп.
Эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаала
Иккис оҕотун төрөппүт дьахтарга, ону тэҥэ, иккис оҕотун соҕотох иитэр аҕаҕа бэриллэр.
Оҕо 2019 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн төрөөбүт буолуохтаах. Федеральнай Ийэ хапытаалын сэртипикээтэ баар буолуохтаах. Төрөппүттэрэ Арассыыйа гражданнара уонна Саха сиригэр үс сылтан итэҕэһэ суох кэмҥэ олорбут буолуохтаахтар.
Кээмэйэ: федеральнай Ийэ хапытаалын сууматын 30%-гар тэҥнэһэр:
– 189 114,24 солкуобай (оҕо 2020 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри төрөөбүт буоллаҕына);
– 249 907,42 солкуобай оҕо 2020 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн төрөөбүт буоллаҕына);
Эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаалын ылар быраап иккис оҕо төрөөбүт (иитэ ылыллыбыт) күнүттэн үөскүүр, бу иннинээҕи оҕо төрөөбүт (иитэ ылыллыбыт) күнүттэн ааспыт кэмтэн тутулуга суох.
Сайабылыанньаны социальнай көмүскэл управлениетыгар, Элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ баран эбэтэр E-Yakutia портал нөҥүө бэриллэр.
ЯСИА саайтыттан