Биологическай наука кандидата, өр сылларга ХИФУ биолого-географическай факультетын деканынан, ХИФУ наукаҕа, инновацияҕа проректорынан үлэлээбит Константин Кривошапкин этэрин курдук, хайа баҕарар ыарыыга иммунитета мөлтөх дьон ордук хаптарар.
— Онтон биһиги иммунитеппыт тугу аһыырбытыттан-сиирбититтэн быһаччы тутулуктаах. Биһиги өбүгэлэрбит сүрдээх тыйыс, тымныы дойдуну баһылыылларыгар астарын-үөллэрин, таҥастарын-саптарын сөпкө дьаһанан 21 үйэҕэ үктэнэн олордохпут, — диир Константин Константинович. — Аан дойду үрдүнэн элбэх ыарыы, эпидемия тура сылдьыбыта биллэр. Сахалар ону барытын, төһө да аҕыйах ахсааннаахпыт иһин, сүтэн-симэлийэн хаалбакка, имири эстибэккэ син туораан кэллэхпит. Саха аһа, бары билэрбит курдук, эт, үүт, балык. Ол гынан баран былыргы сахалар бу астары хайдах ньыманнан, доруобуйаҕа, эккэ-сииҥҥэ туһалаах буоларын курдук, оҥостон сииллэрин биһиги умнан эрэбит.
ТАР. Былыр үүтү сибиэһэйдии эрэ испэккэ, аһытан суорат, тар эмиэ оҥороллоро. Суорат диэни бары билэбит. Онтон тар диэн хайдах оҥоһуллар эбитий? Хатыҥ туоһунан холлоҕос (бочка) оҥорон сиргэ көмөллөр, онно үүттэрин сайыны быһа 2-3 ый мунньан аһыталлар. Мантыларыгар кэлэ-бара эт, балык тобоҕун, уҥуоҕун, араас оттору быраҕа сылдьаллар эбит. Бактерия бөҕө үөскүүр, сыта-сымара амырыын… ол эрэн амтана, нууччалыы этэххэ, «божественная еда» буолар. Бу тардарын тоҥорон баран кыһыннары көйөн сииллэр. Бу ньымабыт «ферментативная кухня» диэн ааттаах. Сиикэй эт, балык аһыйбыт үүккэ суураллан битэмииннэрэ, минераллара элбээн (холобур, кальций) киһи организма ылынарыгар судургу буолан, доруобуйаҕа ордук туһалааҕын аныгы учуонайдар билиннилэр.
ЭТ. Эккэ С битэмиин элбэх, бу битэмиин киһи организмыгар суох, аспытынан эрэ киирэр. Былыр муораҕа устар моряктар, пираттар аҥардас балыгынан эрэ аһаан, бу битэмииннэрэ тиийбэккэ цинга ыарыытыгар ыллараллара. Ханнык баҕарар битэмиини буһардахха, оргуттахха үрэллэн хаалар, онон С битэмииммитин элбэтэр туһуттан эти (убаһа этин эрэ буолбакка, бэйэ сүөһүтүн этин эмиэ) сиикэйдии сиир оруннаах. Атын дойдуларга холоотоххо, экологиябыт ыраас, онон бэйэбит сүөһүбүт этин сиикэйдии сиэххэ сөп. Сэрэхэчийэр дьоҥҥо этиэм этэ, -30, -40 кыраадыска тоҥоруллубут эккэ туох да бактерия, инфекция хаалбат.
БАЛЫК. Онтон Д битэмиин балыкпытыгар элбэх, киһи организмыгар күн уотун көмөтүнэн үөскүүр. Хомойуох иһин уһук хоту олорор дьоҥҥо күн мэлдьи баар буолбатах. Онон тоҥ балыкпытын туохха да биэрбэппит. Эбиитин муора балыктарын рациоммутугар киллэрдэхпитинэ өссө үчүгэй. Треска диэн муора саамай битэмииннээх балыга биһиги сыалыһарбыт быарын кытары тэҥ дьайыылаах. Онон муора балыгын сыанаҕыргатар дьон сыалыһардаан сиэхтэрин сөп. Д битэмиин балыктан ураты сүөһү арыытыгар, сүөгэйгэ уонна балык хоргунугар (рыбий жир) баар. Сэбиэскэй саҕана оҕолорго балык хоргунун хайаан да иһэрдиллэр этэ. Билигин да аптекаҕа баар, сыаната удамыр. Ол онно Д битэмиинтэн ураты омега-3, омега-6 диэн киһиэхэ олус туһалаах кислотаалар бааллар.
СЫА. Е битэмиин диэн ууга суураллыбакка, арыыга эрэ суураллар муокас соҕус битэмиин баар. Киһиэхэ аһынан эрэ киирэр, ол киирэн организыммытын эдэр оҥорор, шлактарбытын таһаарар. Сыаны сиэбэт киһиэхэ суураллыбат. Бу битэмииммитин элбэтиэхпитин баҕарар буоллахпытына, ыраастамматах мас арыытын, балыгы, быары, ынах арыытын, эриэхэлэри, үүтү, сүөгэйи, эмис убаһа этин, куһу, куобаҕы сиэхтээхпит. Мантыбыт саҥа үүнэн эрэр сэлиэһинэй окко эмиэ баар. Өбүгэлэрбит ыт, саһыл, эһэ сыатын уулларан тыҥаларын эмтэнэр этилэр. Хоргун тыҥаҕа киирэн өлбүт клеткалары саҥардар. Сөтөл киирдэҕинэ, күөмэй ыарыйдаҕына сарсыарда аайы биирдии кыра ньуосканан иһэ сырыттахха олус туһалаах, эбиитин таһынан соттуохха сөп.
ЛАБЫКТА. Официальнай медицинаҕа лабыкта икки көрүҥэ киирбитэ – «цетрария исландская» – сиргэ үүнэр уонна «уснея длиннейшая», эбэтэр «уснея бородатая» – мас лабаатыгар үүнэр. Бу лабыкталар кырдьык эмтээхтэр, ол гынан баран медицинаҕа бу лабыкталары бэйэлэрин буолбакка, кинилэртэн ылыллыбыт веществолары туһаналлар. Интернетка биһиги дьоммут «сиибит» диэн кэпсиир лабыкталара, мин көрдөхпүнэ, эверния диэн ааттаах отой атын лабыкта. Уопсайынан, лабыкта тэллэйтэн уонна салахайтан (водоросль) турар, сылга биир, икки эрэ миллиметр үүнэр. Онон ити биһиги дьоммут ботуччу тутан турар лабыкталара сүүһүнэн сыл төһөлөөх радиацияны бэйэтигэр иҥэриммитин ким да билбэт. Лабыкта радиацияны күүскэ иҥэринэр, онон инник сиэбит дьон радиацияҕа ис өттүттэн сутуйуллаллар, ол тастан облучения ылардааҕар ордук кутталлаах. Онон бу дьону батыһар оруна суох диэн сэрэтиэхпин баҕарабын.
ҮРҮҤ КӨМҮС. Аан дойдуга сахалар дьахтары саамай киэргэппит, симээбит омугунан биллэбит. Элбэх норуоттары кэтээн көрдүм, үөрэттим даҕаны, сахалар курдук үрүҥ көмүһүнэн дьахтары симээбит омук суох. Бу эмиэ мээнэҕэ буолбатах, үрүҥ көмүс киһи доруобуйатыгар суолтата сүрдээх улахан. Аптекаҕа «Коллоидное серебро» диэн эмп атыыланар, мантыбыт киһи организмыгар киирэн бактериялары, микробтары өлөрөр антимикробнай дьайыылаах, айылҕаттан бэриллибит антибиотигынан билиниэххэ сөп. Баас, үүт кээһээнии, алдьаныы оһоругар сүрдээҕин туһалаах. Бэл, кэтэ сырыттахха үрүҥ көмүс молекулалара тирии нөҥүө хааҥҥа киирэннэр хаан сүүрэр тымырдарын кэҥэтэллэр, токсины, шлагы таһаараллар, инфекцияны, микробу утары охсуһаллар. Коллагена тиийбэт киһи сирэйин тириитэ эрдэ мыччыстар, сааһырбыт көрүҥнээх буолар. Ол иһин кэнники кэмнэргэ косметологияҕа “серебряные нити” диэни туһанар буолан эрэллэр – үрүҥ көмүс саптары сирэйдэригэр киллэрэн коллаген элбэтэллэр.
Онон, күндү сахабыт дьоно, өбүгэлэрбит астара, өбүгэлэрбит киэргэллэрэ мээнэҕэ буолбатахтар. Кинилэр сүүһүнэн сылларынан кэтээн көрөн бэйэлэригэр туһаммыт маллара-саллара, сиэбит-аһаабыт астара эһиэхэ эмиэ туһаны аҕаллын диэн алҕаан туран бэйэм санаабын үллэһинним.