Уу сахалыы хомоҕой тылынан иҥнибэккэ ыраастык саҥарар, суруйар эбэҥки норуотун чаҕылхай поэта, прозаик, худуоһунньук Дмитрий Нестерович Апросимов билигин баара буоллар, 95 сааһын бэлиэтии, үөрэ-көтө сылдьыах этибит.
Ону баара, бэйэтэ бэлиэтээбитин курдук, эдэр сааһыттан «Олоҕум — окко түһүөхпүттэн очурдаах, этэрбэс кэтиэхпиттэн эрэйдээх, сон кэтиэхпиттэн сордоох», — диэхтээтэҕэ. Кинини кылгас олоҕун устата олоҕурбут, ааһан-араҕан биэрбэт ыарыы моһуоктаабыта, сарбыйбыта биллэр.
Бу күннэргэ суруйааччы өрөгөйдөөх үбүлүөйүн Дьокуускайга П.А. Ойуунускай аатынан түмэлгэ бэрт өрө көтөҕүллүүлээхтик бэлиэтээтилэр. Былатыан аатынан түмэлгэ үс норуот суруйааччылара А. Кривошапкин, Н. Лугинов, Д. Наумов, суруйааччылар С. Гольдерова, Л. Горохова-Сүүмэх, Т. Винокурова-Сабыйа, худуоһунньук Н. Курилов, эбэҥки, эбээн норуотун биллэр-көстөр дьонноро Е. Голомарева, М. Погодаев, А. Варламов, поэт уолаттара Александр, Филип, Андрей, о.д.а. элбэх ыалдьыттар, ыҥырыылаахтар, аймахтара бааллар. Суруйааччы олоҕун, айар үлэтин бэрт сиһилии профессор, литературовед В. Окорокова оҥордо.
Онтон Үөһээ Бүлүүгэ, улуус киинигэр кэрэ-бэлиэ тэрээһиннэр буоллулар. Анал бөлөҕү салалта үөрэ-көтө, чиэстээхтик көрүстэ.
Киин бибилэтиэкэҕэ ыытыллыбыт пресс-кэмпириэнсийэҕэ ааҕааччылардыын атах тэпсэн олорон ахтыһыы, поэт хоһооннорун доргуччу ааҕыы, оһуохай, ырыа-тойук кутулунна.
Бу түһүлгэҕэ Үөһээ Бүлүүгэ олорор аҕыйах ахсааннаах норуот хараҕа-дьоһун дьонноро түмүстүлэр, сиэр-туом, алгыс ыытылынна, анал дэлэгээссийэ иилээн-саҕалаан, көрдөрөн биэрдэ. Тэрээһин эбэҥки норуотун “Дэвэй-дэйэ” төрүт үҥкүүтүнэн доҕуһуолланна.
Анал бөлөҕү суруйааччы улахан уола Александр быһаччы салайан, тэрийэн илдьэ сырытта. Онон аны кини киинэ түспүт Мэйигэр мэҥитэн тиийдибит. Истиҥ дьоро көрсүһүүлэр манна эмиэ салҕаннылар. Оскуола үөрэнээччилэрэ ыалдьыттары болҕойон иһиттилэр. Араас быыстапка, кэнсиэр, дьүһүйүү, ырыа-тойук — бу барыта суруйааччы, ытык күтүөт Апросимов Дмитрий Нестерович сырдык аатыгар буолла.
Д.Н. Апросимов-Былатыан Үөһээ Бүлүү суруйааччыларын кытта истиҥ доҕордуу этилэр. П.Тобуруокап, С. Руфов, В. Гольдеров, Н. Габышев поэт айар үлэтигэр сүбэ-ама, көмө буолбуттара. С. Дадаскиновтыын ордук чугастыы билсибитэ. Степан Егорович хотулары ордук өрө тутара, үлэтинэн даҕаны, ис айылҕатынан даҕаны.
Уолаттарга барҕа махтал! Махтал, үөрүнньэҥ үөһээ бүлүүлэргэ! Махтал, мэлдьи истиҥ, кэрээбэт кэрэ дууһалаах Мэйик талба талыы дьонугар! Көрсүөххэ диэри, дьоллоох буолуҥ! Сурт кэриэстээх, утум быстыбат!
Ыстатыйаны сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.
Прокопий Ксенофонтов, үлэ бэтэрээнэ, СӨ Суруйааччыларын, РФ Суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ, Өймөкөөн улууһун Бочуоттаах олохтооҕо