Соторутааҕыта Дьокуускайга Саха сирин дьахталларын «Дьүөгэлэр» диэн аһаҕас пуорумнарын II сийиэһэ ыытылынна. Бу улахан суолталаах тэрээһиҥҥэ Томтор нэһилиэгин олохтооҕо, айар куттаах Майя Винокурова, Уус-Ньараттан улуус дьаһалтатын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Саргылана Можукова уонна педагогическай үлэ бэтэрээнэ, улуустааҕы хаһыаттар общ. корр. Тамара Винокурова сырыттылар.
-Дьахталлар пуорумнарын сийиэстэригэр быйылгы биллэриллибит сылга дьиэ кэргэн олоҕо-дьаһаҕа тупсарыгар этиилэр киирдилэр. Холобура, үһүс оҕоломмут ыалга ипотека иэһин бүтүннүү сабыахха сөп диэни сэҥээрэ иһиттим. Тэрээһиҥҥэ билиҥҥи кэм тыын боппуруоһа — анал байыаннай дьайыы — сытыытык турда. Көҥүл олох туһугар тыыннарын толук уурбут хорсун байыастары кэриэстээн мүнүүтэ устата саҥата суох сөҥөн турдубут, — диэн сырдатар сийиэс кыттыылааҕа Тамара Винокурова. — Актыбыыс дьахталларга Ил Түмэн, араас биэдэмистибэлэр бэйэлэрин наҕараадаларын үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар. Наҕараада ылбыт дьон ортотугар Маргарита Винокурова баарыттан олус үөрдүбүт. Маргарита Егоровна Ил Дархан илиититтэн актыыбынай общественнай үлэтин иһин Махтал сурук тутта. Түгэнинэн туһанан, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнин, Өймөкөөн уонна Эбээн Бытантай улуустарын бочуоттаах гражданинын, “Саха сирин үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитин” М.Е. Винокурованы Өймөкөөн дэлэгээссийэтин аатыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтибит. Саха сиригэр национальнай бырайыактар үлэҕэ киириилэригэр биһиги төһүү күүс буолуохтаахпыт. Онон салайтаран бу олус туһалаах «Подруги-дьүөгэлэр» пуорум үлэтигэр, дьахталлар хамсааһыннарыгар кыттыһыаҕыҥ диэн улус кэрэ аҥардарын барыгытын ыҥырабын.
Томтор нэһилиэгим олохтооҕо Майя Винокурова санаатын маннык үллэһиннэ:
— Мин бу улахан суолталаах тэрээһиҥҥэ бэйэм улууспуттан общественник быһыытынан кыттан сүрдээҕин долгуйдум, үөрдүм. Пуорум «Подруги-дьүөгэлэр» диэн олус истиҥ-иһирэх, сылаас ааттаах. Эдэр ийэлэр, эмэн эбэлэр даҕаны бары биир санаанан салайтаран, өрөспүүбүлүкэбит сайдарын туһугар элбэх бырайыактарга үлэлии сылдьаллар.
Дьахтар хамсааһынын лидера, Е.И. Михайлова сийиэһи бэрт сатабыллаахтык салайан ыытта. Урукку курдук отчуот үөһээ отчуот буолбакка, хардары-таары кэпсэтии, ырытыһыы быһыытынан барбыта сылаата суох, олус интэриэһинэйдик ааста. Тэрээһиҥҥэ демографияҕа, ийэ-оҕо доруобуйатыгар, элбэх оҕону иитэ ылар дьиэ кэргэттэргэ болҕомто уурулунна. Сийиэскэ Сахабыт сирин араас улуустарыттан 400 актыбыыс дьахтар кыттыбыта бэрт элбэҕи этэр дии саныыбын.
Бу дьаһал “дьахтар — дьиэ кэргэн – уопсастыба”, ол аата бүтүн судаарыстыба бигэ туруктаах буоларын мэктиэлиир төһүү күүс буоларын өссө төгүл чаҕылхайдык көрдөрдө.
Сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.
Биһиги корр.