“Дьулуур” сайыҥҥы лааҕырга оҕолор от үлэтин үөрүйэхтэригэр уһуйуллаллар

Сордоҥноох нэһилиэгэр  Михаил Прокопьевич Винокуров уонна Марта Тимофеевна Дягилева дьиэ кэргэннэрэ сайын аайы уонча оҕону түмэн «Дьулуур» диэн оҕо сайыҥҥы үлэ лааҕырын үлэлэтэллэр.

“Дьулуурга” быйыл 6-7-с кылаас оҕолоро үлэлии сылдьаллар. Үйэлэригэр ыарахан үлэни билбэтэх оҕолор барыга бары үөрэнэн, билигин от охсоллор, мунньаллар, оту уулаах сиртэн соһон да таһаараллар. Кинилэр оттуулларын быыһыгар үс иитиэх кулуннарын, түөрт ньирэйдэрин, үс хаастарын, түөрт кустарын, уонча кууруссаларын көрөллөр-аһаталлар. Эдэр отчуттар сылааларын дуоһуйа волейболлаан, саахыматтаан таһаараллар.

Лааҕыр салайааччылара оҕолорго олус болҕомтолоохтор, сынньалаҥнарын сатабыллаахтык тэрийэргэ дьулуһаллар, сайын төрөөбүт күннээхтэр бары истиҥник эҕэрдэлииллэр.

Оҕолор бу күннэргэ тоҕус кэбиһиини туруордулар. Сайыҥҥы быйаҥтан сомсон, күн туран биэрдэҕинэ аны балыктыы, сугуннуу барыахтара.

 Роза Дягилева, биһиги общ. корр.

 

Читайте дальше