Дьокуускайга Архитектура уонна дизайн дэкээдэтэ ыытылла турар. Бу дьаһал чэрчитинэн архитектура-тутуу пуорума тэрилиннэ. Тэрээһиҥҥэ Москубаттан, Урал уонна Сибиир куораттарыттан тиийэ кыттааччылар бааллар. Ыалдьыттарбыт туох сыаллаах-соруктаах кэлбиттэрин мантан аллара билиһиннэриэм.
Маннык киэҥ ыҥырыылаах түмсүү, сүрүннээн, куораттар уонна бөһүөлэктэр тас сэбэрэлэрин тупсарыыга ананна диэтэхпинэ, улаханнык сыыстарбаппын. Кэпсэтии тиэмэлэрэ даҕаны ону кэрэһилииллэр: хотугу тыйыс айылҕалаах сиргэ табыгастаах уонна ураты быһыылаах-таһаалаах дьиэлэри бырайыактааһын, дьон сылдьар уонна сынньанар сирдэрин тупсаҕай гына тутуу, ити иһигэр тымныы усулуобуйаҕа уулусса успуордун сайыннарыы, Дьокуускай, Нерюнгри куораттар уонна Тиксии-Найба агломерациятын (Булуҥ улууһа) маастар-былааннарын дьүүллэһии, о.д.а.
Ил Дархан иһинэн архитектура уонна куораты тутуу салалтатын салайааччыта Любовь Папок: “Биһиги өрөспүүбүлүкэбит куорат эйгэтин тупсарыыга киэҥник ылсан эрэринэн, пуорум үлэтин онно туһаайарга быһаарбыппыт. Ол иһин, бастатан, куораттар, сэлиэнньэлэр баһылыктарыттан саҕалаан идэтийбит архитектордары, бырайыактааччылары, дизайнердары, тутааччылары уонна тутуу матырыйалларын, тээбириннэрин оҥорооччулары – эйгэни тупсарыыга кыттааччылары барыларын түмэр-холбуур сорук турбута. Ону тэҥэ бүгүн биһиги нацбырайыактарга, ол иһигэр “Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ” нацбырайыак “Куорат тупсаҕай эйгэтин тэрийии” диэн федеральнай бырайыагар түмүк таһаардыбыт. Инникитин тугу тутарбытын уонна туох матырыйаал ордук барсарын дьүүллэстибит”, – диэтэ.
Оттон Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтатын уларытыылары киллэриигэ департаменын салайааччыта Наталья Членова этэринэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 12 нацбырайыакка кыттар уонна үбү тардыыга дойду үрдүнэн үһүс, Уһук Илиҥҥэ бастакы көрдөрүүлээх. Ол курдук, бырайыактары олоххо киллэриигэ 190 млрд солкуобай ороскуоттаммытыттан, 140 млрд солкуобайа – федеральнай хааһынаттан. “Сыччах тутууну ылан көрөр буоллахха, – диир кини, – элбэх оскуоланы, оҕо саадын, балыыһаны, успуорт эбийиэктэрин, массыына суолларын, муосталары тутан киллэрдибит. Куорат тупсаҕай эйгэтин тэрийиигэ өрөспүүбүлүкэбит эмиэ бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьар, 5 сыл устатыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттаммыт 20-тэн тахса улахан бырайыакпыт кыайда”.
Тутуу министиэристибэтин тутууга уонна олорор дьиэ бэлиитикэтигэр департаменын салайааччыта Софья Максимова: “Тутуу иэнэ сылтан сыл улаатан иһэр. Ол иһигэр ааспыт сылга 705 тыһ. кв. м иэннээх олорор дьиэ тутуллан, рекорд олохтонно. Кэлиҥҥи сылларга кэм ирдэбилинэн дьон кэтэх дьиэни тутууга ордук күүскэ турунна. Ол курдук, олорор дьиэ бүттүүн иэниттэн 390 тыһ. кв. миэтэрэтин кэтэх дьиэни тутуу ылар. Ил Дархаммыт сорудаҕынан, чугастааҕы кэмҥэ толору инфраструктуралаах 3 түөлбэни тутар былааннаахпыт”, – диэн иһитиннэрдэ.
Пуорум дьыалабыай бырагыраамата Инновация менеджменин үрдүкү оскуолатын былаһааккатыгар ыытыллыбыт буоллаҕына, иккис күнүгэр тутуу матырыйаалларын уонна тээбириннэрин оҥорооччулар итиэннэ бастыҥ бырайыактар быыстапкалара “Үлэ кыбаартала” креативнай кластерга тэрилиннэ. Быыстапка “Инникигэ көрүү” диэн ааттаммыта мээнэҕэ буолбатах. Куорат уонна эрэгийиэн сайдыытыгар эксперт Ирина Алексеева бэлиэтииринэн, Дьокуускайга эрэ буолбакка, ыраах хотугу улуустарга тиийэ элбэх эбийиэк тутуллар. “Хомойуох иһин, ону тустаах эрэ дьон билэллэр. Биһиги Уһук хотугу дойдуга бөҕөтүн ааһан, киһи хараҕын үөрдэр көстүүлээх тупсаҕай эбийиэктэри тутуохха сөбүн туһунан кэпсиир-көрдөрөр соруктаахпыт. Ол инниттэн 2022 с. “Эйгэ” диэн архитектура уонна дизайн эйгэтигэр өрөспүүбүлүкэ бириэмийэтин аан маҥнай олохтообуппут. Иккис бириэмийэбит кыайыылаахтарын быйыл ахсынньы 1 күнүгэр биллэриэхпит. Онно түмүктэри таһаарыахпыт уонна Саха сиригэр кэлиҥҥи сылларга тутуллубут бастыҥ эбийиэктэри билиһиннэриэхпит”, – диэтэ уонна пуорумҥа атын уобаластартан, куораттартан тутуу матырыйаалларын уонна тээбириннэрин оҥорон таһаарар, Саха сирин кытта үлэлэһэ сылдьар эрэллээх партнердары ыҥырбыттарын быһааран эттэ.
Кинилэр ортолоругар бааллар: Москубаттан таһырдьа (Саха сирин усулуобуйатыгар сабыылаах, сылаас гына оҥорорго этиилээхтэр) таҥан туруоруллар успуорт тээбириннэригэр уонна былаһааккаларыгар идэтийбит “КЕНГУРУ” ХЭУо, Красноярскайтан оҕо оонньуур уонна успуорт былаһааккаларыгар аналлаах тэриллэри оҥорор “ЮМАГС” ХЭУо ПК, Челябинскайтан дьиэ үрдүн, эркинин бүрүйэр тимир ылтаһыннары эгэлгэ киэптээн-таһаалаан, өҥнөөн-дьүһүннээн таһаарар “АЛГА” собуот, уулуссаны, былаһаакканы уотунан-күөһүнэн сырдатыыга үлэлиир “ALFRESCO” (Москуба) хампаанньа, “Время света” ХЭУо (Екатеринбург), айылҕа таастарын туһанан тротуар, былаһаакка билииккэлэрин оҥорууга идэтийбит, дойду куораттарыгар 8 собуоттаах “Выбор” уонна “Гранит-гранат” хампаанньалар, о.д.а.
Ити тэрилтэлэр салайааччылара уонна бэрэстэбиитэллэрэ бары үтүктүспүт курдук Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук эрэгийиэннэриттэн “креативнай” архитектордардаах, дизайнердардаах буолан Саха сирэ саамай көхтөөҕүн чорботон бэлиэтииллэр. Ол курдук, “Куорат тупсаҕай эйгэтин тэрийии” федеральнай бырайыак саҕаланыаҕыттан үлэлэһэ сылдьар куорат эбэтэр улуус элбэх эбит. Холобур, “Выбор” таас билиитэлэрин Дьокуускайга, Покровскайга, Өктөмҥө тэлгэппиттэр, “Время света” былаһаакканы, тротуары аллараттан сырдатар дьэрэкээн таас лаампаларынан Дьокуускайга ВТБ баан киин офиһын иннин киэргэппиттэр уонна сотору кэминэн “Сибойл” АЗС-ларыгар көрүөххэ сөп буолуо. Оҥорон таһаарааччылар аныгы кэм ирдэбилигэр сөп түбэһэр, өссө урутаан иһэр технологиялары туһаналларын уонна бородууксуйалара бигэ хаачыстыбалааҕын мэктиэлииллэр.
Онон инникитин маннык тупсаҕай оҥоһуулаах тутуулар куораттарга эрэ буолбакка, тыа сирин кытыы нэһилиэктэригэр тиийэ киэҥник тарҕанан туһаныллалларыгар кыах улаатан иһэр. Дойдубут баһылыга Владимир Путин Анал этиитигэр “2025 сылтан бырайыагы салгыы үлэлэтэн, өссө 200 бөдөҥ уонна дьоҕус куораттарга анаан маастар-былааннары оҥорон киллэрэргэ, дьон олороругар, сынньанарыгар табыгастаах эйгэни тэрийэр бырагырааманан 2 000 нэһилиэнньэлээх пууну, ол иһигэр сэлиэнньэлэри уонна бөһүөлэктэри хабарга, дьоҕус куораттарга уонна историческай сэлиэнньэлэргэ тупсаҕай эйгэни тэрийии бастыҥ бырайыактарын сүүмэрдиир Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруһу 2030 сылга диэри уһатарга, дойду үрдүнэн 6 сыл устатыгар 30 тыһ. уопсастыбаннай миэстэни тупсаран оҥорорго, тупсарыы-сөргүтүү үлэтин уонна бөдөҥ бырайыактары өйүүргэ бырабыыталыстыба федеральнай бүддьүөттэн эрэгийиэннэргэ 360 млрд солкуобайы тыырарыгар” бырабыыталыстыбаҕа этии киллэрбитэ бу үтүө дьыала салҕанарын, кэҥиирин тосхоллоото.
Василий Никифоров,
Антон Кондратьев хаартыскаҕа түһэриилэрэ