Дьоммутугар-сэргэбитигэр махталынан

Быйыл ытык киһи, Өймөкөөн улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Василий Степанович Винокуров үбүлүөйдээх 80 сааһын бэлиэтиир өрөспүүбүлүкэ таһымнаах элбэх тэрээһиннэр буолан аастылар.

Ол курдук кини төрөөбүт уонна үлэлээбит сириттэн олохтоохтор бэс ыйын 5 күнүгэр куйаар ситимин нөҥүө эҕэрдэ көрсүһүү тэрийбиттэрэ. Онтон өрөспүүбүлүкэтээҕи “Тэтим” араадьыйаҕа Альбина Тарабукина кини олоҕун, үлэтин чэрчитинэн улахан уочарка оҥорбута. “Саха” НКИХ “Истиҥ илдьит” диэн биэриитигэр эҕэрдэ тахсыбыта.

Бэс ыйын 29 күнүгэр Туймаада ыһыаҕын кэмигэр Үс Хатыҥҥа өймөкөөннөр түһүлгэлэригэр биир дойдулаахтарын кытта бэрт иһирэх көрсүһүү тэриллибитэ. Онно үбүлээр кэллиэгэлэрин, СӨ салайааччыларын, Ил Түмэн дьокутааттарын уонна биир дойдулаахтарын ааттарыттан элбэх үтүө тыллардаах эҕэрдэ суруктар киирбиттэрэ.

 

Түһүлгэҕэ А.С. Пушкин аатынан Национальнай бибилэтиэкэ дириэктэрин Саргылаана Максимова дьаһалынан Василий Степанович научнай үлэлэрин уонна араас кэмҥэ хаһыаттарга тахсыбыт ыстатыйаларын быыстапката тэриллибитэ.

Маныаха биир дойдулаахпыт Лаура Шадрина улахан күүс-көмө буолбута. Быыстапка Национальнай бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр саалатыгар биир нэдиэлэ устата ааҕааччы көрүүтүгэр турбута.  Манна Василий Степановичка бэйэтигэр да суох матырыйааллар көстөн турбуттара олус кэрэхсэбиллээх уонна махталлаах.

Маргарита Винокурова,

педагогическай үлэ бэтэрээнэ,

Дьокуускай

 

Читайте дальше