Бүгүн, атырдьах ыйын 7 күнүгэр, Дьокуускайга Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар СӨ Бастакы бэрэсидьиэнин Михаил Николаевы кытта бырастыылаһыы саҕаланна.
Гражданскай панихида бүгүн 20:00 чааска диэри буолуоҕа.
Михаил Ефимович Николаевы сарсын төрөөбүт сиригэр — Хаҥалас улууһун Өктөм сэлиэнньэтигэр кистиэхтэрэ. Кутурҕан миитинэ Хаҥаласка Чапаевоҕа баар Наука дьоҕус академиятыгар ыытыллыаҕа.
Саха сирэ