Дьокуускай киин бибилэтиэкэтигэр бэртээхэй кинигэ сүрэхтэннэ

Тохсунньу 12 күнүгэр Дьокуускайга А.С. Пушкин аатынан Саха сирин Национальнай библиотекатын историческай саалатыгар «Витус Беринг: Рождественские чудо — сани» диэн үтүөкэннээх кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Бу айымньы Петр I төрөөбүтэ 350 сылыгар, Дьокуускай куорат төрүттэммитэ 390 сылыгар ананар.

Дьокуускайдааҕы 5 №-дээх оскуолаҕа научнай-чинчийэр үлэни аспирант-көмүскээччи, эбии үөрэхтээһин педагога А.Н. Борисова иилээн-саҕалаан ыытта. Бу кинигэ Анна Николаевна быһаччы салайыытынан күн сирин көрдө. Оскуола үөрэнээччилэрэ 18-с үйэтээҕи историческай түгэни остуоруйа гынан уустаан-ураннаан суруйдулар. Эдэр худуоһунньуктар көмөлөрүнэн кинигэ дьэрэкээн ойуулаах, кэрэ көстүүлээх.

Витус Беринг – биллиилээх нуучча муоранан устааччыта, айанньыта, российскай флот эписиэрэ, капитан-командор. Датчанин төрдүлээх.

Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, кини 3 сыл устата дьиэ кэргэнин кытта Дьокуускайга олорбут эбит. Саха сиригэр аан бастакынан оскуолалары арыйар наадатын туһунан көрдөһүү суруйбут дьоннортон биирдэстэрэ. Онон биһиги хотугу дойдубутугар үөрэхтээһин салаатыгар Витус Беринг улахан өҥөлөөх, үтүөлээх киһинэн ааҕыллар.

Кинигэ уратыта диэн  3 тылынан — сахалыы, нууччалыы, омуктуу суруллубут. Онон айымньы элбэх киһи биһирэбилин ылара саарбаҕа суох.

Бу тэрээһиҥҥэ бочуоттаах ыалдьыттары, оскуола оҕолорун сэргэ Өймөкөөн улууһун аатыттан биһиги, «Өймөкөөн» кэммиэрчэскэйэ суох түмсүү чилиэннэрэ — Фаина Румянцева уонна мин сырыттыбыт. Кинигэ ааптарыгар Анна Борисоваҕа НКО-бут уонна биир дойдулаахпыт, 1 гильдиялаах атыыһыт-меценат Николай Кривошапкин аатын сүгэр Өймөкөөн нэһилиэгин орто оскуолатын ааттарыттан махтал уонна эҕэрдэ суруктары кытта өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттардыбыт.

Дьокуускай куораттааҕы № 5-дээх Н.О. Кривошапкин аатынан орто оскуола сыраларын биэрэн туран оҥорбут кэлэктиибинэн үлэлэрэ улуу император Петр I, биллиилээх айанньыт Витус Беринг уонна саха норуота ытыктыыр киһитэ атыыһыт Ньукулай Кырбыһааҥкын курдук патриот дьону иитэн таһаарыыга улахан суолталаах буолуоҕа диэн бүк эрэнэбин.

 Тамара Винокурова,

общ. корр., Дьокуускай