Чысхаан тымныылаах Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт сүүрүү марафонун тэрийиигэ норуот дьокутаата Гаврил Алексеев күүс-көмө буолла.
— Марафон тэрийээччилэрин көрдөһүүлэрин быһа гыммакка, дьокутаат тэрээһини ыытыыга 200 тыһыынча солкуобай харчынан успуонсардаата. Итиэннэ сыл аайы күрэхтэһиини тэрийсэр улуус 10 көхтөөх олохтооҕор махталын биллэрэн, анал бириистэри анаата. Маныаха эбии социальнай өттүнэн өйөбүлгэ наадыйар Өймөкөөн 20 ыалын оҕотугар Саҥа дьыллааҕы минньигэс бэлэҕи кэһиилээн ыытта.
Тэрээһиҥҥэ Гаврил Алексеев бэйэтэ кэлэрэ кэккэ төрүөтүнэн кыаллыбата, кини оннугар дьокутаат бэрэстэбиитэлэ Евгений Стручков анаан тиийэн туттарда, — диэн иһитиннэрдэ дьокутаат көмөлөһөөччүтэ Виктория Контоева-Варламова.
Норуот дьокутаатын кэһиитин туттарыы түгэнэ. Хаартысканы: Виктория Контоева-Варламова тиксэриитэ