Дойдум, дьонун туһа диэн олоҕун бүтүннүү култуура эйгэтигэр анаабыт киһинэн ытыктанар биир дойдулаахпыт, Томтор олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Анна Николаевна Корякина буолар.
А. Н. Корякина Өймөкөөн оройуонун олохтоох сахаларыттан соҕотох Аҕа дойду Улуу сэриититтэн тыыннаах эргэллэн кэлбит дьоруойбут Максим Иванович Заболоцкай, киэн туттар суруйааччыбыт Николай Максимович Заболоцкай-Чысхаан, бөлүһүөк Реас Алексеевич Кулаковскай о.д.а. ааттарын үйэтитиигэ үгүс сыратын биэрэн үлэлэспит үтүөлээх. Ону таһынан кини улууһун хаһыаттарын бэйэтэ түһэрбит хаартыскаларынан киэргэппитэ хайҕаллаах уонна махталлаах дьыала.
Улууспут 100 сааһын бэлиэтиир үбүлүөйүгэр кини Томтор нэһилиэгин түмэлигэр үгүс хаартыскаларын бэлэх ууммута, ону таһынан туттубут эҥин араас фотоаппаратын бэлэхтээбитэ.
А.Н. Корякина ыччат туһа диэн сыралаһан үлэлэспитин улууспут кэнчээри ыччата хасыһан үөрэтиэ дии саныыбын. Томтордооҕу култуура дьиэтин иһинэн норуот тыйаатырын тэрийиигэ Анна Николаевна сүҥкэн үтүөлээх. Онон оскуолаҕа култуура сайдыытын тиэмэтигэр чинчийэр-научнай да үлэ суруллуо диэн эрэниэҕи баҕарыллар.
Сайаҕас майгылаах киһибит сыралаах үлэтин кэнниттэн түһэрбит элбэх хаартыскаларын түүннэри бэчээттээн, дьонугар-сэргэтигэр буор-босхо бэлэхтээн үөрдэрэ. Ол кини биир дойдулаахтарын кулуупка тардар үлэтин биир ньымата буолара. Дьиэ иһинээҕи түбүгэ хаһан да бүппэт этэ уонна кини Былатыанын оҕолорун, уолаттарын көрөрө-истэрэ, Саҥа дьыл бырааһынньыгар араас маскараад тигэн түбүгүрэрэ.
Иитэн таһаарбыт оҕолоруттан Айталина Платоновна учуутал идэтин баһылаан, билигин Чурапчыга быр-бааччы олорор. Уолаттара бары туруу үлэһит дьон, кийииттэрэ талбыт курдук ыал маанылара. Анна Николаевнаны тапталлаах сиэннэрин ситиһиитэ үрдүк көтөллүүр.
Ытыктабыллаах Анна Николаевна, Эйиигин аанньалыҥ күнүнэн уонна самаан сайын ыһыахтарынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Айылҕа көмөтүнэн арчыланан, араҥаччыланан чэгиэн-чэбдик сылдьаргар баҕарабын. Барыта ыраас, сырдык санааҥ хоту баран истин. Саха саханан кэрэ. Сибэкки курдук олоҕу киэргэтэн, бастыҥ кэрэ майгылаах күндү-мааны киһибитигэр этэҥҥэ буолууну баҕарабын, чугас дьонуҥ-сэргэҥ үөрүүтэ, ситиһиитэ үксүү турдун диэн алгыспын тиэрдэбин.
Галина Атласова,
Уус-Ньара