Дойдум дьоно барахсаттар

Иванов Петр Дмитриевич, Сордоҥноох, 1997 сыл олунньу 13 күнүгэр кэпсээбитэ:

— Хас сылын чуолкай өйдөөбөппүн. Икки КГБ киһитэ Уус-Ньараттан мин Сэбиэккэ үлэлии олордохпуна кэлэ сылдьыбыттара.

Кинилэр: «Макарга» уонна «Ылбайаҕа» баар таба ыстаадалары уонна Алыһардаахха илин эҥэргэ баар сылгылары көһөрүҥ диэбиттэрэ. Ити олох кыһын этэ.

Онтон мин «Бүгүйэх» ферматыгар муус устар ый ортотун саҕана мунньахтыы сырыттахпына, сүрдээх ыраас баҕайы, халлааҥҥа элбэх баҕайы этиҥ этэрин курдук, тыас бычыгыраабыта. Кэлин ол эҥэр турба курдук уонна алюминиевай тимир элээмэлэрин булаттыырбыт. Олору бултуу сылдьан остуол оҥостон аһыырбыт.

* * *

1974 с. бэс ыйын 3 күнүгэр биһиги уопсайа 13 буолан (6 дьахтар, 7 эр киһи) Сытыган Сыылбаҕа эмтэнэ тиийбиппит.

Алыһардаах күөлэ мууһунан көрөн сытара, ону ортотунан атынан барбыппыт. Кэргэним Скрыбыкина Татьяна Иннокентьевна эмиэ баара. Өссө Саанньа эмээхсин (Атастырова), Аммосов Иннокентий, Аммосов Гаврил, Атастыров Дмитрий Захарович, Аммосов Власий Максимович эҥин бааллара.

Сытыган Сыылбаҕа дьахталлар дьиэҕэ, эр дьон балааккаҕа сыппыппыт. Хайдах эмтэнэри билбэт буолан, бэйэбит санаабыт тугу этэринэн эмтэммиппит. Мас ваннаҕа сытан суунарбыт. Тааска кутаа оттон баран, чоҕун ыраастаан элбэх бадарааны тэлгэнэрбит. Ол үрдүгэр мутукчаны тэлгиирбит уонна дэлби саптан баран, чаас аҥаара эҥин тиҥилэхпитигэр диэри сытарбыт.

Биирдэ оннук сытан, сүрэҕим дэлби өлөхсүйдэ, мэйиим эргийдэ. Ону Аммосов Ганяҕа (Почта Гаанньата) эппиппэр, оччоҕо тур диэтэ. Турбуппар мэйиим эргийэн, күлүм кытара кыыһан, охтон түстүм. Арааһа, онно сүрэхпэр сыыһа эмтэнэн, осложнение ылбытым быһыылааҕа. Ол Сытыган Сыылба үрэх уутун иһэр этибит. Чэ, ким талбытынан, хайдах сатанарынан эмтэннибит. Алыһардаах күөлэ онтон 3 биэрэстэ. Онно быыска-арыкка кустуурбут. Ол сылдьан эһэни көрүстүбүт. Ону дьахталларга куттаныахтара диэн эппэтибит, кэпсээбэтибит.

Оннук эмтэнэн, бэс ыйын 19 чыыһылатыгар төннүбүппүт. Аара Хаастаах үрэҕэр хаайтаран, Кубалааҕынан эргийэн, Кураанах Салааҕа тахсыбыппыт.

Оччолорго Сытыган Сыылба уута элбэх этэ. Дьон сайын аайы атынан онно эмтэнэ бараллара.

* * *

Мин бастаан манна кэлбитим кэннэ куобах аан маҥнай мэнээктиирин саҕана, миэхэ суруйааччы Иван Федосеев,  учуонай Гаврил Сыромятников  уонна Чурапчы уола Пономарев куобахтыы анаан кэллилэр. Дьэ оҥостон ол дьону мин уонна Прудецкай Семен Хаастаахха куобахтата атынан илтибит.

Баран иһэн үрэҕи туораан баран балаакка тардан, оҥостон олорон чэйдээтибит. Ол кэмҥэ дьоммут биһиги Сэмэнниин балаакка тардар кэммитигэр, үрэххэ  тахсан 30-ча куобаҕы ытан кэллилэр. Арыгы (кыһыл) иһэ олоробут. Семен Прудецкай үллэрэр, бастакы өлүүнү испиппит кэннэ, аны айаҕын туһаайытыгар быһаҕы туттубут Георгий Саввич Сыромятников таттаран барда. Нэһиилэ киһибитин быыһаан тыын киллэрдибит. Онтон мин: «Доҕоор, Сэмэн, уоту аһаппытыҥ дуо?» — диэн ыйыттым. Онуоха: «Суох» диэтэ. Дьэ аһатан баран, иккис өлүүбүтүн истибит.

* * *

Этэҥҥэ бултаан, 700-кэ куобаҕы сууһардыбыт. Барар күммүт тирээтэ. Арба, ол иннинэ ол Чурапчы уола Пономарев биэс көтөлүнэн хаста да бөһүөлэккэ куобахпытын таста. Биһиги Сэмэнниин кинини кытта барсыахтаахпыт. Онтон төннөн кэлэн, ол  уол суруйааччыны уонна учуонайы ылыахтаах.

Аһыы олорон уолбут дьонугар сарсын субу сабаччаҕа бэлэм олорооруҥ, олох кэлэн чопчу ылан барабын диэтэ. Иван Федосеев: «Бэйи, доҕоор, олус быһаты батаччы тыллаһыма. Аны мунан эҥин хаалаайаҕын», — диэтэ. Онуоха уол өһүргэммитэ буолла: «Бу да дьон, ама хаста да сылдьыбыт суолбар арай киирдэхпинэ булаа инибин», — диэтэ. Дьэ сөп, бөһүөлэккэ кэллибит. Уолбутун кытта биир сылгыһыт аргыстаһан төннөрүгэр барсаары гыммытын, батан кэбистэ:  «Мин сарсыарда 6 ч. барабын. Эйиигин күүппэппин»,- диэн .

Сарсыарда уһуктубуппут уолбут хайыы-үйэ барбыт. Бэйэтэ миинэ сылдьарыныын 6 аттаах. Мин бэрэмэдэйбин, быа-туһах эбии биэрдим уонна сири кэлэллэригэр аһаттыннар диэн 2 бутылка буокка биэрбитим.

Дьэ киһибит быһа барыллаан кэлэр кэмэ ааста. Биһиги кэргэмминээн ыксаатыбыт. Аны ол ат холбооһуннаах иилистэн ууга моһуогуруо диэн. Оннук хоннубут. Дьоммут мэлигирдэр. Ол күн биһиги дьолбутугар туох эрэ вертолета манна кэллэ. Мин кэпсэтэн киһи сүппүтүн кэпсээтим. Ону 50 куобаҕы биэрэр буоллаххына диэн сөбүлэстилэр. Мин сөбүлэстэҕим дии. Көттүбүт. Били дьоммутугар тиийбиппит, киһибит суох. Дьоммут балааккаларын эҥин эһэн кэтэһэн олороллор. Онон-манан көтө сылдьан киһибитин көрө сатаан кэбистибит. Мэлигир. 50 куобаҕы вертолетчиктарга биэрдим.

Кэлэн баран Иван Федосеев: «Бостуой кэлэн. Алта аты мэлиттибит уонна биир киһини сүтэрдибит», -диир. Киэһэ беседкаҕа олордохпутуна арай ат туйаҕа тыаһыыр. Киһибит 5 атын батыһыннарбытынан тиийэн кэллэ.

Кэпсиир: баран иһэн Хаастаах сиһигэр өйө көтөн хаалбыт. Биирдэ өйдөннөҕүнэ, туох да суола-ииһэ суох сиринэн баран эрэр үһү. Онтон өй ылан үрэххэ киирбит. Бастаан өрө барбыт. Онтон дьэ өйдөнөн, үрэҕи таҥнары сыыйан манна кэлбит. Оруобуна үрэх арыытыгар сырыттаҕына, вертолет кэлэн ааспыт. И.Федосеев: «Дьэ ити баар дии, мээнэ-мээнэ тылласпытыҥ. Урут ыт буола сыспыккын», — диэтэ.

Балаҕан ыйын 24 к., 1997 с.:

— Аммосов Власий диэн оҕонньор баара. Кини кэпсиирэ: «Мин аҕабын кытта Кулаковскай (Өксөкүлээх Өлөксөй) доҕордоһоро. «Хаастаахха» олордохпутуна кини хаста да сылдьыбыта. Сеймчаан диэки барарыгар аҕабар туоска сууламмыт туох эрэ кумааҕылары, кэлиэхпэр диэри уур диэн хаалларбыта. Олору аҕам Аммосов Максим ханна гыммыта эбитэ буолла. Сонон Кулаковскай биһиэхэ эргийэн кэлбэтэҕэ», — диэн.

* * *

— Ыраахтааҕы суола диэн Томтортон Эбэнэн кэлэн, наар хайа тэллэҕинэн ааһан, Үрдүк Аартыгынан быһа түһэн, Кубалаахха тахсар айан суола этэ.

Сергей Егоров

Читайте дальше