ДНР-га олорор эдьиийдии-балыс Ил Дархантан саҥа дьыллааҕы бэлэх туттулар

ДНР-га олорор эдьиийдии-балыс Милана уонна Мирослава Шпаковскайдар Саха сирин баһылыгын саҥа дьыллааҕы бэлэҕин туттулар. Ол туһунан Айсен Николаевтелеграм-ханаалыгар суруйда.

Бэйэлэрин баҕа санааларын балтылыылар «Баҕа санаа харыйата» Россиятааҕы акция кэмигэр эппиттэр. Милана куукула дьиэтин, Мирослава сюрприз буоллун диэн толкуйдаабытар. «Сюрпризтарыгар Алиса өйдөөх колонканы бэлэх ууннум. Кыргыттар бэлэхтэрин сөбүлээбиттэригэр үөрдүм!» — диэн суруйда Ил Дархан.

Айсен Николаев кырыгттарга уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр дьоллоох Саҥа дьылы баҕарда, Саха сириттэн төлөннөөх эҕэрдэ ыытта.

СИА

Читайте дальше