РФ Дьиэ кэргэн, СӨ Оҕо саас сылларын чэрчитинэн Төрүт нэһилиэгин эдэр ыччата уонна аҕалара “Дэбдэкиин” күөлүгэр оҕо-аймах сынньанар былаһааккатын оҥордулар.
Эдэр ыччат тиэхиньикэлээх дьону былаһаакканы оҥорорго көҕүлээтилэр, уматык чааһыгар харчынан кыттыстылар.
Муус устар 6 күнүгэр П.Я. Тулааһынап аатынан Төрүттээҕи норуот уус-уран айымньытын дьиэтэ уонна эдэр ыччат түмсүүтэ “Сандал сааһы көрсө” диэн былаһаакка арыллыытын бырааһынньыгын тэрийэн ыыттылар.
Тэрээһин саҕаланыытыгар педагогическай үлэ бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна У.И. Слепцова аал уоту оттон, айах тутан алгыс сиэрин-туомун толордо. Субуотунньукка күүс-көмө буолбут эр дьоҥҥо нэһилиэк аҕа баһылыга В.П. Алексеев махтал суруктары туттарда.
Бу күн оҕолору саастарынан араартаан уонна төрөппүттэргэ анаан араас күрэхтэһиилэр буоллулар. Оҕолор хаҥкылаах сүүрдүлэр, хоккейдаатылар, салаасканан күрэхтэстилэр. Оттон ийэлэргэ тоҥуу хаарынан сүүрүү, аҕаларга хаарга хапсаҕайдаһыы курдук күрэхтэр бэрт тыҥааһыннаахтык, сэргэхтик тэрилиннилэр. Ону таһынан эбэлэргэ частушка күрэҕэ ыытылынна.
Ити курдук бырааһынньыкпыт дьиэ кэргэн бары араҥатын түмэн, бэртээхэй сынньалаҥ буолан ааста. Кэлбит дьон улаханныын-кыралыын бары “өттүк харалаах, илии тутуурдаах” үөрэ-көтө тарҕастылар.
Сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.
Елена Слепцова, учуутал, Төрүт