Соторутааҕыта Дьокуускайга ийэни, дьахтары, кэрэ аҥаары өрө тутар “Далбар Хотун” 14-с өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус түмүктэннэ. Быйылгы дьиэ кэргэн, оҕо-аймах сылынан тэриллибит күрэс “Далбар Хотун” сурунаал 30 сыллаах үбүлүөйүгэр ананна.
Бу тэрээһиҥҥэ 9 далбар хотун кыттыыны ылла. Муус устар 1 күнүттэн 16 күнүгэр диэри хас киэһэ аайы куонкурус кыттыылаахтарын «Саха» НКИХ ханаалыгар билиһиннэрэн таһаардылар.
Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлининэн норуодунай поэт Наталья Харлампьева үлэлээтэ. Кыттааччылар биэс түһүмэххэ дьиэ кэргэннэрин туһунан билиһиннэрдилэр, бэйэ билиитин тургутууга ыйытыыларга хоруйдаатылар, айар талааннарын арыйан кердердулэр, сахалыы сандалыга астарын-уеллэрин тэлгэттилэр, итиэннэ киэһээҥҥи кэрэ былааччыйалаах дьон иннигэр тахсан хааман долгустулар.
Куонкурус түмүгүнэн «Далбар Хотун-2024» ааты Амматтан Саргылаана Рожинаҕа иҥэрдилэр. Кэрэ аҥаарга «Скаут» тыраахтар сүрүн бириис тигистэ (спонсор — «Белая гора» хампаанньа, дириэктэр Александр Баишев).
Оттон биһиги биир дойдулаахпыт, Өймөкөөн улууһун Үчүгэй нэһилиэгиттэн кыттыбыт далбар хотун Ирина Винокурова «Хотугу Хоьуун» диэн номинация5а тигистэ. Кинилэр кэргэнинээн Семен Львовичтыын сэттэ оҕолоохтор, 13 сиэннээхтэр. Айанньыт Дугуйдаан Винокуров тереппуттэрэ ыал буолуохтарыттан ыла сыспай сиэллээҕи удьуордаан иитэллэр, көрөллөр.
Быйылгы «Далбар Хотун» күрэс дириҥ ис хоһоонноох, сааскы күннүү сырдыктык, истиҥник, сонуннук тэриллэн ааспытын куонкурска сылдьыбыт дьон бары бэлиэтиир.
Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.
Ирина Петрова бэлэмнээтэ