Саха норуотун чулуу уола А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй Чурапчы Арыылааҕар туруорбут ытык сэргэлэрин 120 сылыгар аналлаах ыһыахха Өймөкөөн улууһун кыттыылаахтара маннык кэпсээтилэр.
Дмитрий Винокуров, Томтор орто оскуолатын техническэй үлэһитэ:
— Чурапчы дьоно-сэргэтэ Өймөкөөнтөн тиийбит ыалдьыттары олус истиҥник көрүстүлэр. Биһиги улууспутуттан биэс киһилээх дэлэгээссийэ Чурапчы Арыылааҕын нэһилиэгэр ыһыллыбыт ыһыахха ыалдьыттаатыбыт. Ыһыах аһыллыытын сиэрин-туомун чурапчылар үрдүк таһымнаахтык, чаҕылхайдык тэрийдилэр. Мин манна ырыа күрэҕэр кыттан, Гран-при хаһаайына буолар чиэскэ тигистим. Бу ытык Ыһыахха кыттыбыппытыттан олус астынным, тэрээһин ордук ыччат дьоҥҥо туһалаах буолла дии саныыбын.
Саха литэрэтиирэтин төрүттээччи, төрөөбүт тылын, норуотун устуоруйатын уонна култууратын чинчийээччи, норуот фольклорун утумнаахтык хомуйааччы, бөлүһүөк Өксөкүлээх Өлөксөй Саха сирин үс улууһун нэһилиэктэригэр – Чурапчы Арыылааҕар, Үөһээ Бүлүү Оҥхойугар уонна Өймөкөөн Томторугар — өйдөбүнньүк сэргэлэри туруорбута. Ол сэргэлэр устуоруйа өйдөбүнньүк быһыытынан, күн бүгүнүгэр диэри бу улуустар олохтоохторо сүгүрүйэн ааһар ытык сирдэринэн буолаллар.
Хаартыскаҕа: Аэлита Аммосова (уҥаттан бастакы), Дмитрий Винокуров (хаҥастан бастакы)
Аэлита Аммосова, В.П Кривошапкин аатынан Томтордооҕу оҕо ускуустубатын фольклор кылааһын уһуйааччыта:
— Өймөкөөнтөн 5 киһилээх дэлэгээссийэҕэ киирсэн Чурапчы Арыылааҕар тиийэ сылдьыбыппыттан олус астынабын. Санатар буоллахха, соторутааҕыта Өймөкөөн сиригэр-уотугар чурапчылар Арыылаах нэһилиэгиттэн кэлэ сылдьыбыттара. Биллэрин курдук, Томтор нэһилиэгин Үрэх Төрдө диэн сиригэр ыччат этнокултуурунай эспэдииссийэтэ тэриллибитэ.
Чурапчы Арыылааҕын Ыһыаҕар оһуохай, чабырҕах күрэҕэ буоллулар, спортивнай оонньуулары тэрийдилэр. Мин ырыа күрэҕэр кыттан, 3-с миэстэ буолары ситистим.
Өксөкүлээх Өлөксөй улуустарга туруорбут сэргэлэрэ үйэлээх толкуйтан тахсыбыт уонна өбүгэ үгэһин дириҥник ытыктааhынтан үөскээбитэ буолуо дии саныыбын.
Евдокия ЕГОРОВА