Төрүт орто оскуолатын кыраайы үөрэтэр «Ыллык» куруһуок араас кэминээҕи үлэлэрин бэчээккэ бэлэмнээтэ куруһуок салайааччыта Елена Черемкина.
Биһиги төрөөбүт-үөскээбит Төрүппүт саамай күндү, саамай истиҥ дии саныыбын. Индигир уутугар сөтүөлээн, сылаас кумаҕар таалалаан, көмүс хатырыктааҕын тото-хана сиэн улаатабыт. Дойдубут чэгиэн салгынынан дуоhуйа тыынан, маанылаах айылҕатын кэрэтин кэрэхсии көрөн, көтөр-сүүрэр абылаҥнаах тойугун истэн, күүс-сэниэ ылан тапталлаах Төрүппүт нэһилиэгэр оҕо сааспыт ааhар.
Биһиги көмүс хостооhуна ыган, сиртэн симэлийбит Тарыҥ уонна төрөөбүт Төрүт нэһилиэкпит үлэhит дьонун туhунан киэн тутта бар дьоҥҥо тиэрдиэхпитин баҕарабыт.
Эдэр саастарын, олохторун бүтүннүү бастакы артыаллар, холхуостар, кэлин сопхуос үлэтигэр-хамнаhыгар анаабыт, кыhалҕаны кытаанахтык билбит, чэрдийбит илиилээх, үлэттэн дьолун булуммут, олоххо силис-мутук тардыммыт үтүө дьоммут барахсан лаппа аҕыйаатылар. Дойдум, дьонум туhа диэн үлэлээн-хамсаан ааспыт, сэрии кэминээҕи ыар олоҕу туораабыт, түүннэри-күннэри үлэлээн хачыгырайбыт дьоммутун кэриэстиэх тустаахпыт.
КРЫЛОВА УЛЬЯНА КОНОНОВНА ахтыытыттан:
«…1940 с. Өймөкөөн пордун тутуутугар хас да киһи, ол быыһыгар дьахталлар Кривошапкина Дуунньа (Кребс), Атласова Аграфена Николаевна, Атласова Мария Ивановна (Комсомол Маайа) уонна Ульяна Михайловна эмиэ барбыттара. Онтон бүтэн кэлбиттэрэ. Утаакы буолбатаҕа, Томторго порт тутуутугар кэргэммин Бүөтүрү ыҥыран ылбыттара, онно быраата Ньукулай (Золотой) уонна Кривошапкин Дмитрий Афанасьевич буолан барбыттара. Ол курдук порду тутан баран үргүлдьү портка сулууспалыы хаалбыттара.
«Түүннэри-күнүстэри вышкаҕа дьуһуурустуба, самолёттар сотору-сотору кэлэн түһэллэр, заправкаланаллар, ардыгар хоноллор…», — диэн сэһэргиирэ кэргэним Слепцов Петр Петрович (Кыра Бүөтүр). Дьиэтигэр 1946 с. сулууспалаан бүтэн кэлбитэ».
Сэрии сылларыгар Тарыҥ уонна Төрүт икки холкуоһа харчы хомуйан «Советская Якутия» танковай колонна фондугар киллэрбиттэрэ. «Кыhыл Сулус» холкуостан 29 киhи үлэ фронугар сылдьыбыта биллэр. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр «Үлэҕэ килбиэнин иhин» мэтээлинэн «Калинин» аатынан холхуос (Тарын-Үрэх), «Кыhыл Сулус» (Төрүт) холкуос холбоон 79 чулуу үлэhитэ наҕараадаламмыта.
Биһиги Тарын-Төрүт нэһилиэктэрбит чулуу дьонноро сэрии саамай үгэннээн турар кэмигэр, Ийэ дойдуну көмүскүүргэ турунан, аас-туор олоҕу аахсыбакка, ыарахантан чаҕыйбакка, күүскэ үлэлээн-хамнаан, кыайыыны уһансан, биһиги билигин үөрэ-көтө, эйэлээх олоххо олордохпут. Нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ, кыайыыны уһансыбыт дьоммут мэҥэ ааттара үйэлэргэ тыыннаах буолуохтун!
Аня Березкина, Маша Егорова, 8-с кыл.
Сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.