Чэпчэтиилээх ипотека бастакы усунуоһа үрдүүрэ былааннанар

ТАСС ааҕыныстыба суруйарынан, РФ бырабыыталыстыбата чэпчэтиилээх уонна дьиэ кэргэн ипотекатын бырагыраамаларын ипотекатын бастакы усунуоһун үрдэтэр былааннаах.

Бу туһунан вице-премьер Марат Хуснуллин суруналыыстарга иһитиннэрбитин ТАСС суруйар.

— Дьиэ кэргэн уонна чэпчэтиилээх ипотека бырагыраамата кэлэр сыл бэс ыйын 1 күнүгэр диэри үлэлиир. Билигин биһиги бастакы усунуос кээмэйин үрдэтии туһунан  быһаарыныы ылынаары сылдьабыт, — диэн иһитиннэрдэ, суруйда «Саха сирэ».

Читайте дальше