Сайын дэриэбинэ, тыа олоҕо ураты сэргэх буолар. Ол курдук сарсыарда бэрт эрдэ ким эрэ ынахтарын көрдүүр, «һайдыыр» саҥата иһиллэр. Сорохтор ходуһаҕа оттуу бараары тэринэр түбүккэ түһэллэр.
Оттон биһиги түөлбэбит диэки саҥа күн үүнүүтэ хаалык тутуурдаах икки киһи эрчимнээхтик хааман иһэрэ көстөр. Бу — орто оскуола үлэһиттэрэ Тамара Луковцева уонна Елена Репина буолаллар.
Кинилэри анаан көрсөн дьарыктарын туһунан туоһуласпыппар далбар хотуттар маннык кэпсээтилэр:
— Биһиги хаалыктаах хаамыынан дьарыктаммыппыт 5-6 сыл буолла. Дьиҥ тымныы эрэ кэмҥэ тохтуубут. Ол кэнниттэн олунньуга хаамыыбытын саҕалыыбыт.
Хаамыы – киһиэхэ саамай туһалаах, ону туох даҕаны солбуйбат. Хаамар, сүүрэр киһи хаанын эргиирэ тупсар. Наар хамсана сылдьар буолан, киһи илиитэ-атаҕа тоҥмот.
Нөҥүө күнүгэр аны нэһилиэккэ саамай элбэх ыстаастаах хаамааччы Мария Афанасьевна Слепцованы – сиэстэрэ Машаны хаамар кэмин чопчулаан, эрдэттэн билсэн көрүстүм.
Мария Афанасьевна бу курдук сэһэргээтэ:
— Сыыспат буоллахпына, 2010 сыллаахха быһыылааҕа, учуутал Ирина Сивцева хаамыы туһатын туһунан сүрдээх интэриэһинэй бэсиэдэ ыыппыта. Онтон ыла мин хаамыынан дьарыктанабын.
Хаамыы дьиҥ чахчы туһалыыр — хаамаргар былчыҥнарыҥ бары тэҥҥэ хамсыыллар, үлэлииллэр. Хаалык олус үчүгэй. Мин урут сүһүөхтэрим, атахтарым ыалдьар этилэрэ. Хааман киһи олус сэргэхсийэр. Күммүн көтүттэхпинэ, туох эрэ итэҕэс курдук буолар.
Дьэ ити курдук Өймөкөөн нэһилиэгэр чэгиэн-чэбдик, чөл туругу кэрэхсиир, холобур буолар дьон бааллара киһини үөрдэр.
Тамара Винокурова, биһиги общ. корр., Өймөкөөн