Быыбарга бэлэмнэнии үлэтэ тэтимирэр

Балаҕан ыйыгар Саха сиригэр өрөспүүбүлүкэ уонна муниципальнай таһымнаах быыбардар буолуохтара. Саха сирин баһылыгын, улуустар баһылыктарын, өрөспүүбүлүкэ народнай депутаттарын, бэрэстэбиитэллээх уорганнарын уонна Дьокуускай куорат Дууматын талыахтара.

Гражданнар быыбардыыр бырааптарын хааччыйар туһуттан быыбар хамыыһыйалара нэһилиэнньэҕэ иһитиннэрэр-быһаарар үлэни тэрийэн ыыталлар.

СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйата 2 тыһ. тахса быыбар хамыыһыйаларын үлэһиттэрин тэйиччиттэн үөрэтиини тэрийдэ. Бу күннэргэ муниципальнай тэриллиилэргэ быыбар докумуоннарын, быыбардыыр бүлүтүөннэри тиэрдэллэр.

Саха сирин тиийэргэ уустук, ыраах турар нэһилиэнньэлээх пууннарыгар Ил Дархан уонна өрөспүүбүлүкэ дьокутааттарын болдьох иннинээҕи быыбардарыгар куоластааһын салҕанан барар.

Саха сиринээҕи киин быыбардыыр хамыыһыйа иһитиннэрэринэн, атырдьах ыйын 25 күнүнээҕи туругунан Абыйга, Булуҥҥа, Үөһээ Халымаҕа, Үөһээ Дьааҥыга, Эдьигээҥҥэ, Кэбээйигэ, Аллараа Халымаҕа, Өймөкөөҥҥө, Усуйаанаҕа 247 быыбардааччы болдьох иннинэ куоластаабыт.

Өймөкөөн улууһунааҕы территориальнай быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлин солб. Инга Зеленкова иһитиннэрбитинэн, биһиги оройуоммутугар бу үлэ атырдьах ыйын 20 күнүгэр саҕаламмыта уонна балаҕан ыйын 7 күнүгэр түмүктэниэҕэ.

Санатар буоллахха, быйыл дойду Киин быыбардыыр хамыыһыйатын быһаарыытынан, быыбар үс күн устата ыытыллыаҕа. Ол курдук, балаҕан ыйын 8, 9, 10 күннэригэр куоластыахпыт. Быыбардыыр учаастактар 8.00 чаастан 20.00 чааска диэри үлэлиэхтэрэ.

Ирина Петрова

Читайте дальше