Быйыл Өймөкөөн улууһугар ханнык быыбардар буолалларый?

2024 сыл биһиги улууспутугар быыбардарынан «баай». Ол курдук быйыл эбии уонна болдьох иннинээҕи быыбардар ыытыллыахтара. 2024 сылга Өймөкөөн оройуонугар маннык быыбардар буолаллара былааннанар:

  1. Халыма -Индигирдээҕи биир мандааттаах 34 №-дээх быыбардыыр уокурукка Ил Түмэн сэттис ыҥырыытыгар норуот дьокутаатын эбии быыбардааһын;
  2. «Өймөкөөн улууһа» муниципальнай оройуон баһылыгын быыбара;
  3. «Өймөкөөн улууһа» муниципальнай оройуон муниципальнай Сэбиэтин дьокутааттарын эбии быыбара;
  4. «Уус-Ньара бөһүөлэгэ» куораттааҕы поселение (ГП) баһылыгын болдьох иннинээҕи быыбара;
  5. «2-с Бороҕон нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии дьаһалтатын дьокутааттарын эбии быыбара.

Санаттахха, бу быыбардар былаан быһыытынан Саха Сиригэр быыбардыыр биир күн — балаҕан ыйын 8 күнүгэр – буолуохтара.

Ирина ПЕТРОВА

Читайте дальше