Быйыл балаҕан ыйын 10 күнүгэр – Биир кэлим куоластааһын күнүгэр Арассыыйа 23 эрэгийиэнигэр баһылыктары, ол иһигэр Москуба куорат мэрин талыахтара.
Ону сэргэ былырыын Арассыыйа састаабыгар холбоспут Запорожскай, Херсонскай уобаластар, ДНӨ уонна ЛНӨ баһылыктара быыбарданыахтара.
Итини таһынан, РФ 20 субъегын олохтоохторо Судаарыстыбаннай Мунньах эрэгийиэннээҕи дьокутааттарын, итини таһынан Симферополлааҕы биир мандааттах куоластыыр уокурукка Судаарыстыбаннай Дуумаҕа эбии дьокутааты талыахтара.
Быйыл күһүн Уһук Илин федеральнай уокурукка биэс эрэгийиэн – Амур уобалаһын, Магадаан уобалаһын, Чукотка автономнай уокуругун, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Приморскай кыраай баһылыктара талыллыахтара. Онтон эрэгийиэннээҕи парламеннар дьокутааттарын быыбара Бурятия Өрөспүүбүлүкэтигэр, Саха сиригэр уонна Забайкальскай кыраайга ыытыллыа.
Сахабыт сиригэр 2023 сылга 61 быыбар хампаанньата ыытыллыаҕа. Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын, Ил Түмэн дьокутааттарын сэргэ Дьокуускай куорат дьокутааттара талыллыахтара.
Оройуон сэбиэттэрин депутаттарын 21 оройуоҥҥа быыбардыахтара. Алта оройуоҥҥа — Үөһээ Халыма, Горнай, Кэбээйи, Нам, Эбээн-Бытантай, Уус Алдан, Уус Майа, Усуйаана уонна Таатта баһылыктарын талыахтара.
Маны тэҥэ Саха сиригэр нэһилиэк быыбардара буолуохтара, бу — 21 баһылык уонна бэрэстэбиитэллээх уорганнарга дьокутааттар талыллыылара.
Аны 2024 сыл кулун тутарыгар Арассыыйа Бэрэсидьиэнин талыахпыт, онно бэлэмнэнии үлэтэ балаҕан ыйынааҕы быыбар кэнниттэн саҕаланыаҕа.
Ирина Петрова