Бүгүн туризм аан дойдутааҕы күнэ бэлиэтэнэр

Сордоҥноох нэһилиэгиттэн төрүттээх Түмэн-Эрилик Кырыарба “Оймякон-тур” туристическай фирманы салайар. Кини киэҥ нэлэмэн Арассыыйа, Саха сирин туристарын, төрөөбүт дойдутун кэрэ айылҕатын кэрэхсээччилэри арыаллаан сылдьыбыта хас даҕаны сыл буолла.

Түмэн-Эрилик туристары Тымныы полюһун халлааҥҥа харбаспыт хайаларыгар таһаарарын таһынан, түргэн сүүрүктээх үрэхтэринэн мотуордаах оҥочонон устууну тэрийэр, баҕалаах дьону балыктатар.

Туроператор чөл олоҕу тутуһар дэгиттэр дьарыктаах киһи, успуорду өрө тутар, дойдутун устуоруйатын интэриэһиргиир, балыктыырын туохтааҕар даҕаны сөбүлүүр, кинигэ ааҕан билиитин-көрүүтүн хаҥатар.

Түмэн Кырыарба бу дьыл атырдьах ыйын бүтүүтүгэр 10 туриһы Уус-Ньара бөһүөлэгин эҥэр баар, үгүс турист биһирэбилин ылбыт Афродита хайа чыпчаалыгар илдьэ сылдьыбыта.

— Өймөкөөн Киһилээхтэригэр дабайа кэлбит туристар төһө даҕаны Саха сирин маннык үрдүк хайатын саҥа көрдөллөр, чыпчаалга тиийэр сыал-сорук туруоруммут буолан, кинилэри илдьэ сылдьар сылаата суох этэ, — диэн бэлиэтиир Түмэн Кырыарба. – Дьонум хайа чыпчаалыгар 5 чааһынан тахсыбыттара. Хайаттан төттөрү түһүү эмиэ олус уустук. Ону ол диэбэккэ, туристарбыт ылыммыт соруктарын этэҥҥэ толорбуттарыттан бары даҕаны астынныбыт. Кинилэр үксүлэрэ алаас, толоон сиригэр төрөөбүт дьон буолан, Өймөкөөн хайаларын аан бастаан көрөн улахан дуоһуйууну ыллылар, өйдөбүнньүк хаартыскаҕа астына түстүлэр.

Түмэн-Эрилик Кырыарба илдьэ сылдьар туристара киниэхэ өрүү махтаналлар, Өймөкөөн хайалара өрүүтүн ыҥыра-угуйа, бэйэлэригэр тарда тураллар диэн бэлиэтииллэр. Онон манна дьыл араас кэмигэр төннөн кэлэ турар туристар элбэхтэр.

Любовь Кривошапкина

Читайте дальше