Бүгүн, кулун тутар 21 күнүгэр, Сылгыһыт күнэ үүннэ. Бу күн аан маҥнай СӨ Баһылыгын 2016 с. атырдьах ыйын 23 күнүгэр таһаарбыт “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сылгыны үөрдээн иитиини сайыннарыыга дьаһаллар тустарынан” Ыйааҕын олоххо киллэрии чэрчитинэн 2017 с. бэлиэтэммитэ. Онтон ыла сыл аайы сылгыһыттарга анаан өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрээһиннэр ыытыллаллар.
Саха итэҕэлинэн Күрүө Дьөһөгөй Тойон – сэттэ ини-бииттэн улаханнара, соҕуруулуу илиҥҥи халлааҥҥа олорор, сылгы уонна ынах сүөһүнү араҥаччылыыр, дьоҥҥо сылгыны бэлэхтиир таҥара. Кыыһыртаххына, өһүргэттэххинэ, ол баайын төттөрү ылар диэн өбүгэлэрбит итэҕэйэллэрэ. Кулун тутар сахаҕа Дьөһөгөй ыйынан билиниллэр. Онон, Сылгыһыт күнэ кулун тутарга олохтоммута оруннаах.
Сылгыны үөрдээн иитии – саха омук төрүт дьарыга уонна киэн туттуута. Сылгытын ахсаанынан биһиги өрөспүүбүлүкэбит дойду үрдүнэн бастакы миэстэҕэ сылдьар. Саха сириттэн Социалистическай Үлэ дьоруойун аатын маҥнайгынан сылгыһыттар ылбыттара, сэбиэскэй былаас сылларыгар маннык үрдүк аакка-суолга 23 киһи тиксибититтэн 6-та сылгыһыт идэлээхтэрэ мээнэҕэ буолбатах.
Саха сылгыта туспа боруода быһыытынан ССРС Госагропромун 1987 с. балаҕан ыйын 2 уонна РСФСР Госагропромун 1987 с. алтынньы 1 күннэринээҕи бирикээстэринэн бигэргэммитэ. Саха сылгытын боруодатын үс тиипкэ араараллар: төрүт, Дьааҥы уонна Халыма. Кэлиҥҥи икки тиип селекция ситиһиитинэн РФ судаарыстыбаннай реестригэр 2011 с. олунньу 16 күнүгэр регистрацияламмыттара.
Маны сэргэ Саха сиригэр селекция түмүгэр үөһэ ыйыллар кэмҥэ икки боруода тэҥинэн бигэргэммитэ. Мэҥэдьэк боруода үөскүүрүгэр Сибииргэ XIX үйэ иккис аҥаарыгар норуот селекциятынан таһаарыллыбыт тимир ууһун сылгыта улахан оруоллаах. Мэҥэдьэк тииптээх сылгы ити сылгы хаанын кытта булкуһан, уҥуоҕа улаханынан, ыйааһына ыараханынан уонна сиһэ уһунунан уратылаах эт боруода үөскээбитэ. Ааспыт үйэ 50-с сылларыгар нуучча ыарахан таһаҕаһы соһор сылгыларын хаанын быстахтык булкуйбуттара.
Өлүөнэ сүнньүнээҕи боруода ыраас хааннаах саха сылгытын тастан аҕалыы боруодалары (Орел сэлиик атын уонна нуучча ыарахан таһаҕаһы соһор сылгытын) кытта иссиһиннэрии итиэннэ сылгыны аһатыы, иитии технологиятын тупсарыы түмүктэригэр ылыллыбыта.
Бу дьыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сылгы бүттүүн ахсаана 178 856 төбө (ааспыт сыл туһааннаах кэмиттэн 2 196 төбөнөн (1,2%) аҕыйаата). Ити иһигэр сылгы бүттүүн ахсааныттан биэтэ – 122 452 төбө, ол эбэтэр былырыыҥҥыга 889-нан (0,7%) итэҕэс. Кулуну тыыннаах таһаарыы 2023 сыл түмүгүнэн 54,4 бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ, ол эбэтэр ааспыт сыллааҕыттан 1,5 %-нан ордук. Улахан сылгыны чөл иитии 97,1 бырыһыаҥҥа тэҥнэһэн, кыратык түстэ (97,3% этэ).
Сылгы баһыйар өттө (77 087 төбө эбэтэр 43,1 бырыһыана) бааһынай хаһаайыстыбаларга турар. Ыаллар кэтэх хаһаайыстыбаларыгар 67 949 сылгы (38 бырыһыана) уонна тэриллиилээх улахан хаһаайыстыбаларга 33 368 сылгы (18,7 бырыһыана) иитиллэр. Тэрилтэлэр көмөлтө хаһаайыстыбалара 452 төбөнү (0,3 бырыһыана) туталлар.
Сылгыны үөрдээн иитии салаатыгар племенной үлэнэн 26 хаһаайыстыба (тэҥнэбилгэ: 2015 с. 16 этэ) дьарыктанар. Кинилэр холбоон 9 700 сылгылаахтар (бүттүүн сылгыттан 5,4 бырыһыана) уонна бары РФ племенной регистригэр туралларын туоһулуур докумуоннаахтар. Племхаһаайыстыбаларга кулуну тыыннаах таһаарыы 69,49 бырыһыаҥҥа тэҥнэһэр. Бу хаһаайыстыбалар өрөспүүбүлүкэ табаарынай хаһаайыстыбаларын үрдүк кылаастаах племенной ыччат сылгынан хааччыйар соруктаахтар. Сыл аайы 1 тыһ. кэриҥэ убаһаны атыылыыллар.
Дойду Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин племсэбиэтин 2022 сыл бэс ыйын 9 күнүнээҕи быһаарыытынан, өрөспүүбүлүкэҕэ племенной дьиэ кыылын-сүөлүн иитии устуоруйатыгар аан маҥнайгынан саха сылгытын иитиигэ племенной собуот аата Амма улууһунааҕы И.Я. Строд аатынан ТХПК-гэр (салайааччы В.В. Тимофеев) иҥэриллибитэ. Онтон былырыын итинник статуһу “Хорообут” ХЭУо (Мэҥэ Хаҥалас) уонна “Победа” ХЭУо (Таатта) ылбыттара.
Сылгыны үөрдээн иитиини сайыннарыыга өрөспүүбүлүкэ таһымыгар көдьүүстээх, дьайымтыалаах дьаһаллар ылыллаллар. Ол түмүгэр сылгы этин оҥорон таһаарыы, тыыннаах ыйааһынынан, 11,9 тыһ. туоннаҕа тиийдэ (2015 с. 10 299,4 т этэ). Өрөспүүбүлүкэ бэйэтэ оҥорор бүттүүн этиттэн сылгы (сүрүннээн, убаһа) этэ 33 бырыһыанын ылар.
Ааспыт сылга бу салааны сайыннарыыга судаарыстыбаттан 607,3 мөл. солкуобай (мантан 199,4 мөл. солкуобайа – федеральнай хааһынаттан) ороскуоттаммыт буоллаҕына, быйыл 559,5 мөл. солкуобай (о.и. 173,5 мөл. солкуобай – федеральнайтан) ыытыллара былааннанар.
Көмө үп 2023 с. маннык тыырыллан тиксэрилиннэ: тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга биэ төбөтүгэр 5-тии тыһ. солкуобайынан 337,1 мөл. солкуобай (эрдэ 3-түү тыһ. солкуобайынан 197,8 мөл. солкуобай тиийэрэ, 2022 с. биэ төбөтүгэр 5-тии тыһ. солкуобайынан 331,2 мөл. солкуобай ороскуоттаммыта); племенной төрүөҕү биэрэр биэлэри иитэргэ – 65,4 мөл. солкуобай; сылгы собуоттарын өйөөһүҥҥэ – 63,9 мөл. солкуобай (2022 с. 44,9 мөл. солкуобай этэ); племхаһаайыстыбалар племенной ыччат сылгыны атыылаһалларыгар – 19,2 мөл. солкуобай; сылгы базатын тутууга – 57 мөл. солкуобай (2022 с. 63 мөл. солкуобай этэ).
Тэйиччи сытар мэччирэҥнээх сирдэри баһылыыр уонна нэһилиэнньэлээх пуун тула баар сүөһү мэччирэҥин тэбистэрбэт туһуттан 2017 – 2019 сылларга 250 базаны тутууга 1-дии мөл. солкуобайдаах көмө үп бэриллибитэ. 2021 сылтан биир базаҕа 3 мөл. солкуобайга диэри үрдэтиллэн, 46 база тутулунна. Маны тэҥэ бастыҥ үлэлээх хаһаайыстыбаларга олоҕуран, 3 үөрэтэр киин тэрилиннэ: хоту эҥээргэ – Өймөкөөҥҥө “Тоноор” кэпэрэтиип, кииҥҥэ – Хаҥалас улууһугар “Бөртө” сылгы собуотун уонна Бүлүү сүнньүгэр – Ньурбаҕа “Чаппанда” кэпэрэтиип базаларыгар. Итилэр үһүөн племеннойдар.
Биир көдьүүстээх төһүү – сылгыны иитиигэ туруммут саҕалааччы уонна дьиэ кэргэнинэн фермердэри грант үбүнэн өйөөһүн. 2012 – 2023 сылларга 1 тыһ. тахса грант бэриллибититтэн 293-һэ сылгыны иитэр хаһаайыстыбаны тэринэргэ уонна сайыннарарга туһуланна. Ону харчытыгар таһаардахха, 651 мөл. солкуобайга тэҥнэһэр.
Сылгыһыт күнэ олохтонуоҕуттан сүбэ мунньахтаах, быыстапкалаах уонна сылгыһыттар идэлэригэр күрэхтэһиилээх өрөспүүбүлүкэтээҕи дьаһаллар Дьокуускайга ТХА ипподромугар (2017 с.), Нам улууһун Бартыһаан сэлиэнньэтигэр (2018 с.), Үөһээ Бүлүүгэ (2019 с.), Чурапчыга (2021 с.), Ньурбаҕа (2022 с.), Аммаҕа (2023 с.) ыытыллан кэллилэр. Ити быыһыгар 2020 с. Мэҥэ Хаҥалас Харатыгар ыытыллыахтааҕа хамсык дьаҥын хааччаҕынан тохтотуллубута.
Быйыл өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрээһин муус устар 6-7 күннэригэр Үөһээ Дьааҥыга Верхоянскай куоракка ыытыллара былааннанар. Бырагырааманан бастакы күҥҥэ Хоптолоох ипподромугар сылгыһыттар күрэхтэһиэхтэрэ, саха аттарынан 1600 уонна 2400 м ыраахха илин былдьаһыахтара, онтон күнүскү чэйтэн киэһэ Култуура уонна успуорт киинигэр Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ сылгыны үөрдээн иитиини сайыннарыыга анаан сүбэ мунньаҕы тэрийэн ыытыа. Киэһэ сылгы быыстапкатын уонна сылгыһыттар күрэхтэһиилэрин кыайыылаахтарын наҕараадалыахтара. Сылгыһыттар иккис күн икки бөлөххө арахсан, Балаҕа “Арыылаах” ПК уонна Бөтөҥкөскө “Баачаан” ХЭУо диэн Үөһээ Дьааҥы племенной хаһаайыстыбаларын үлэлэрин уопутун билсиэхтэрэ, көрүөхтэрэ.
Бүгүн, Сылгыһыт күнүгэр, Дьокуускайга А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын киинигэр Арчы дьиэтэ “Күн Дьөһөгөйү уруйдаан” диэн дьаһалы тэрийэн ыытыаҕа. Онно күн оройугар дьыл кэмин алгыһын алгысчыт Афанасий Федоров толоруо, онтон алгыстаах кымыһы иһии сиэрэ-туома ыытыллыа. Сылгыһыттар мустубуттарынан туһанан, “Төрүт дьарыкпыт – инники кэскилбит” диэн кэпсэтиигэ тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Артем Александров, бэтэринээрийэ билимин дуоктара Михаил Неустроев, “Тоноор” хаһаайыстыба салайааччыта Николай Винокуров уо.д.а. кыттыахтара. Сылгыһыт Петр Неустроев хаартыскаларынан быыстапка, сылгыһыттарга саҥа арыйыылары билиһиннэрии, дьыл эргииринэн үгэстэри үөрэтэр этнография оскуолатын учуонайдарын лиэксийэлэрэ дьон болҕомтотун тардыахтара. Дьоро күн “Сылгыһыттар ыллыыллар” диэн кэнсиэринэн түмүктэниэ.
Василий Никифоров
Хаартыскаларга: Хаҥалас Улахан Аанын «Бөртө» сылгы собуота» ХЭУо сылгыһыттара