Саха сиригэр сайын кэлиитэ, күөххэ үктэнии ураты суолталаах. Самаан сайын кэлбитин саха киһитэ кус, алаадьы, саламаат сиэн бэлиэтиир үтүө үгэстээх.
Ол сиэринэн былырыыҥҥыттан, госпиталларга бааһыран эмтэнэ сытар уолаттарбытыгар Саха сириттэн кус хомуйан ыытар буоллулар. Уолаттар дойдуларыттан кэлбит төрүт астарын аһаан күүс-сэниэ ылаллара саарбаҕа суох.
Ньукуолуну көрсө ыыппыт кустары биир дойдулаах волонтердарбыт астаан бэҕэһээ Москва сорох госпиталларыгар тарҕаппыттар.
«Уолаттар үөрүү бөҕөлөр. Алаадьыны минньитээри өссө сибиэһэй, биһиэнигэр майгынныыр амтаннаах сүөгэйи булан илдьибиттэр. Ити курдук волонтердар бааһырбыт уолаттар тустарыгар олус кыһаллаллар. Бүгүн эмиэ тарҕатыахтаахтар. Хомойуох иһин, сорох госпиталларга тастан аһы киллэрэри көҥүллээбэттэр.
Бу курдук үтүө санаалаах кусчуттар, волонтердар, Чурапчы мугудайдарын, АГАТУ технология кэллиэһин устудьуоннарын, Москваҕа баар Постпредство, «Якутия» авиахампаанньа көмөлөрүнэн госпиталларга ыарахан эчэйиилээх сытар уолаттарбытыгар сайын тыынын, дойду ахтылҕанын, Ньукуолун үөрүүтүн бэлэхтээтибит», — диэн Биир кэлим сүрүннүүр киин чилиэнэ Светлана Диодорова-Лаврентьева кэпсээтэ.
Источник: Саха сирэ саайт