Буойун-суруйааччы Суор Уола: суолбун бэйэм талабын…

Суруйааччы Валерий Никифоров-Суор Уола анал байыаннай дьайыыга иккитэ төхтүрүйэн сылдьан, айар куттаах дьон ортотугар чахчы дьоруой, хорсун санаалаах, хаана суох эр бэрдин быһыытынан ытыктанар киһи. “Ханна сүтэн хаалла, эмиэ барда дуу? Бырааккын дуу, убайгын дуу сурас эрэ”, – дииллэрин иһин көрсөн сэһэргэстим.

– Валерий, биир дойдулаахтар буоларбыт даҕаны быһыытынан, ол-бу түмсүүлэргэ,  тэрээһиннэргэ хам-түм көрсөн, билсэн ааһар этибит. Баҕар, дьон саныырын курдук, аймахтыы буолуохпутун сөп. Онон саха сиэринэн, бастатан, кимтэн кииннээххин түөһүөххэ.

– Мин аҕам Уйбаан Никифоров Бүлүү Баппаҕаайытыттан төрүттээх. Моруот Ньукулай сиэнэ. Номохторго кэпсэнэринэн, кинигэҕэ сурулларынан, хос эһэм Моруот инитэ Аҥкыр Уйбаанныын күүстэринэн баппатах дьон. Төрөппүт ийэм Евгения Иннокентьевна Мин кэриэй хааннаах, ийэтэ сэрии-сут сылларыгар Чурапчы  холкуостаахтарын көһөрүүгэ хабыллан, Кэбээйи Сииттэтигэр тиийбитин кэннэ 1942 с. төрөөбүт, онтон улаатан баран, ханан эрэ эргийэн, Үөһээ Бүлүүгэ тиийбит. Онно аҕабын көрсөн, ыал буолбуттар.

– Эн оччоҕуна Үөһээ Бүлүүгэ төрөөн, онно улааттаҕыҥ?

– Оннук. Оройуон киин сэлиэнньэтигэр 1967 с. төрөөбүтүм. Үөһээ Бүлүү 8 кылаастаах оскуолатын кэнниттэн Исидор Бараахап аатынан орто оскуоланы 1984 с. бүтэрбитим. Онтон 1985 – 1987 сылларга аармыйаҕа сулууспалаабытым. Уссурийскайга аптамабыыл көлө чааһыгар сылдьыбытым. Суоппардаабатаҕым. Кулуупка киинэ көрдөрөр, уруһуйдуур этим. Аармыйаттан кэлэн баран, өрүс уҥуор Маай учаастагар субан көрбүтүм.

– Туох идэлээххиний?

– Үөһээ Бүлүүтээҕи эт астыыр кэмбинээккэ үлэлии сырыттахпына,  Новосибирскайга үөрэххэ ыытаннар, “тоҥорор установка массыныыһа” диэн орто анал идэни ылбытым. Онтон үйэ уларыйбытыгар Сунтаарга үөрэнэн, алмаас кырыылааччы буолбутум. Тэрилтэбит эстибитигэр 1995 с. Дьокуускайга кэлэн, 16-с №-дээх ПТУ-ҕа үлэҕэ үөрэтэр маастарынан уонча сыл үлэлээбитим, оҕолору алмааһы кырыылыырга уһуйбутум.

–  Суор Уола диэн айар-суруйар ааккын туохха олоҕуран ылыммыккыный?

– Ykt.Ru сахалыы кэпсээннэри таһаарар этэ. Онно маҥнай хас даҕаны аатынан суруйа сылдьыбытым. Аҕам миэхэ наар: “Суору, эһэни, хара ыты хаһан даҕаны тыыппат, өлөрбөт буол”, – диэччи. Кэпсээбитим курдук, аҕам Илбэҥэ киһитэ, аһаҕастык эппэтэр даҕаны, оннооҕу өбүгэлэрбититтэн кэлбит тотемнара буолуон сөп диэн сэрэйэбин. Ол иһин суору ытыгылыы санаан, Суор Уола диэн ааппын ордук чугастык ылыммытым.

– Хаһааҥҥыттан айар-суруйар үлэҕэ сыстыбыккыный?

– Дьоҕурдааҕым буолуо, 1990-с сыллартан тэһэ астаран, суруйар идэлэммитим. Алмаас кырыылыы олорон, сурунаал ылан, суруйан барарым. Оннук биэс сыл кистэнэ сылдьыбыппын Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ таба көрөн: “Бу эн суруйаҕын дуо?” – диэбитэ. Барыта 6 кэпсээн кинигэлээхпин.

– Анал байыаннай дьайыыга баҕа өттүгүнэн бардаҕыҥ?

– Бэйэм тылланан, туруорсан туран барбытым. Эпэрээссийэ биллэриллээтин кытта байаҥкамаакка тиийбиппэр “саастаах эбиккин” диэн маҥнай чугаһаппатахтара. Ол даҕаны буоллар, хантаактарбын хаалларбытым уонна нэдиэлэҕэ хаста даҕаны тиэстэрим. Онтон сотору: “Валерий Иванович, сааһынан хааччахтааһыны 60-ҥа диэри уһаттылар, кэлэ сылдьыаххын сөп”, – диэн төлөпүөннээн ыҥырбыттарыгар сүүрэн тиийбитим…

– Ол саҕана хастааххыный?

– Иккис бөлөххө киирэн, байыаннай чааска мантан 2022 сыл муус устар 27 күнүгэр көппүтүм. Дьиҥэр, бастакылары кытта өссө арыый эрдэ барыахтаахпын, докумуонум итэҕэс буолан, тардыллыбытым. Ол саҕана 55-пин туола илигим. Сэриилэһэ сылдьан, туолбутум.

– Саҥа сокуонунан оччоҕо биэнсийэ “сии” илик буоллаҕыҥ?

– Биэнсийэлээхпин. Алмаас бырамыысыланнаһыгар үлэлээбит буоламмын, 50 сааспын туолаат тахсыбытым.

– Анараа туох санааттан барбыккыный? Ким эмэ күөртээбитэ, кучуйбута дуу?

– Ким даҕаны кучуйбатаҕа. Буорах сытын амсайбатах дьон сэрии туһунан суруйалларын сөбүлээбэт, ылыммат этим. Ол иһин бэйэм уу харахпынан илэ көрөөрү, быһыыны-майгыны ким эрэ кэпсээниттэн буолбакка, сирэй билээри барбытым.

– Дьэ, төһө суостаах эбитий? Эккинэн-хааҥҥынан биллэҕиҥ…

– Сэриигэ тиийбит киһи син биир ытыалаһар, өлөрсөр-өһөрсөр буоллаҕа. Аан бастаан Запорожьеҕа Новодаровкаҕа тиийбиппит. Оччолорго дрон суоҕа. Нэһилиэнньэлээх пууннар тастарынааҕы ойуур балаһатыгар тутуһан туран, аптамаатынан ытыалаһарбыт. Нэһилиэнньэлээх пууну хардары-таары ылсарбыт. Ол аайы кимэн киирэҕин. Штурмовой этэрээт буолан, наар инники кирбиигэ сылдьыбыппыт. Өстөөхтөр субу саба сырсан кэлэллэрин от курдук охтороҕун. Бэйэбитин эмиэ тааҕын таах оннук ыттыы дьакыйыахтарын сөп этэ…

– Арба, бааһыран, госпитальга эмтэнэн таҕыстыҥ этэ дуу?

– Буулдьаҕа, оскуолакка таптарбатаҕым. Контузияламмытым. Өстөөх кимэн киириэн иннинэ артиллериянан дэлби ытыалыыр. Сэнэрээт бөҕө түһэн эстэр. Чугас түстэҕинэ, таппатаҕын даҕаны иһин, тыынар тыыннааҕы кэһэтэр. Кууруссалар, сибиинньэлэр харахтара уһулу ойон тахсыбыт буолааччылар. Киһи эмиэ оннук, салгыны баттааһынын күүһэ бэрт буоллаҕа. Мин өйбүн сүтэрбэтэҕим, хос иһигэр тугу эмэ эстэххэ эбэтэр сөмөлүөт үөһэ тахсарыгар, аллара түһэригэр кулгааҕыҥ чуҥкунуурун курдук буолбута. Госпитальга эмтэнэн тахсыбыппар бэс ыйыгар дойдубар ыыппыттара. Итиэннэ дуогабарым болдьоҕо даҕаны бүппүтэ. Оччолорго баҕа өттүлэринэн барааччылар икки ыйга дуогабардаһаллара.

Онтон Дьокуускайга кэлэн, “Боотур” этэрээти тэрийсибитим. Ол сылдьаммын, балаҕан ыйыгар анал байыаннай дьайыыга иккистээн этэрээти кытта барсыбытым. Онно Харьков анныгар түбэспитим. Инники кирбииттэн тэйиччи уонна дроннарынан сэрии саҕаланан эрэр буолан, иккис сырыыбар арыычча халымырдык сылдьан кэлбитим. Үс ый сылдьыбытым. Кэлиҥҥилэргэ хантараактарын сыл аҥаарыгар диэри уһаппыттара.

– Сааһырбыт киһини 2-3 даҕаны ый сөп гынара буолуо. Окуопа олоҕо төһө сылаалааҕый?

– Киһи сылайбат. Дойдубун, дьоммун ахтар этим.

– Эйигин дьиэҕэр-уоккар ким күүтэрий?

– Икки кыыстаахпын. Улаханым Санкт-Петербурга олорор, үлэлиир. Кырам бэйэбин кытта баар.

– Бука, бойобуой сырыыларгынан мемуар дуу, сэһэн дуу  суруйарыҥ буолуо…

– Иккитэ сырыым түмүгүнэн “Суолбутун бэйэбит талабыт” диэн сэһэн суруйа сылдьабын. Байыаннай, окуопа олоҕуттан көрүдьүөс, бэлиэ түгэннэри уонна бойобуой табаарыстарым тустарынан кэпсиибин. Уус-уран суруйуу, документальнай буолбатах. Онон туох буолбутун малтаччы суруйбакка, бэйэм уонна доҕотторум санааларын нөҥүө көрдөрөбүн. Сэрии аата сэрии, өлүү-сүтүү ханна барыай. Киһи өлөрүн, бааһырарын күн аайы көрөҕүн, таһаараҕын. Байыаннай дьайыыга барарбар бэйэбин күүскэ ностуруойдаабыт буоламмын дуу, өлбүт киһиттэн хааным төрүт хамнаабат этэ. Буоска бөгүүрэни таһар курдук кыһаммаккын. Сирэйдэрин-харахтарын эрэ көрөбүн, ким суох буолбутун билээри. Барыларын билэр, бииргэ сулууспалаабыт дьонум сордоохтор сытар буоллахтара.

Бастакы сырыыбар биһиги этэрээппитин роталарынан тарҕатан кэбиспиттэрэ. Ротабытыгар Дьокуускайтан Слепцов Уоһуктуун, Бүлүү куораттан Данилов Мишкалыын сахалар үһүөйэҕин сулууспалаабыппыт. Уонна бары – нууччалар. Үгүстэрэ урут “итии туочукаларга” сылдьыбыт, Ис дьыала уорганыгар үлэлээбит уопуттаах дьон. Этэрээппитин хаҥатаары 80-ча хаайыылааҕы босхолоон аҕалбыттара. Уруккута байыаннайдар, тутар-хабар структура үлэһиттэрэ. Кэлээт, хаайыы бэрээдэгин олохтоору гыммыттарын өрүөллэр тохтоппуттара.

Биһиги разведка кэнниттэн остолобуойга быһа киирэн аһыыбыт. Ону саҥа кэлээччилэр: “Кыараҕас харахтаахтар тоҕо бу быһалыыллар?” – диэн айдаараары гыналларын тойонноро: “Бу дьон күҥҥэ 7-лии, 10-нуу киһини “илитэ” сылдьаллар. Мээнэ тыллаһымаҥ. Ытыалаһыы буоллаҕына, кэтэххитигэр буулдьа хатаан кэбиһиэхтэрэ”, – диэн буойааччы. Онтон сыыйа табаарыстаһан, бэйэ дьоно буолбуттара. Киһи эрэнэр уолаттара, бэйэлэрин кэмнэригэр күннээн-күөнэхтээн сылдьыбыттар, ким эрэ, холобур, опер боломуочуйатын аһара туттан, байыаннай прапорщик сэлээркэ уоран, ыстатыйаҕа түбэспиттэр эҥин.

– Окуопаҕа олорон суруйар этиҥ дуо?

– Суох. Умнуом диэммин, күннээҕини болокунуоппар көннөрү бэлиэтэнээччибин. Контузияланыахпыттан умнуганым бэргээтэ.

– “Суор Уолун дэйбиирин хохуоллар тута сылдьаллар, сиэхситтэр бэйэтин сиэбиттэр быһыылаах” диэн соһумар сонуннаах видео бассаабынан тарҕана сылдьыбыттаах. Ол устуоруйата хайдах этэй?

– Оннук баара. Бэйэтэ даҕаны ала бэлиэ дэйбиир этэ. Дьокуускайтан Хабаровскайга илдьэннэр, дьону мунньан илдьээри, үс хоннорбуттара. Онно сылдьан, миэдик идэлээх Евгений Скрябин диэн Мэҥэ Хаҥалас уолуттан уларсан, хаартыскаҕа түспүтүм. Кэлин базалана сытар сирбититтэн атын сиргэ сырыттахпытына, “Харьковтан тахсыҥ!” диэн бирикээс кэлэн, базабытыгар сылдьан сээкэйбитин хомуммакка даҕаны, ол киэһэ тахсан, куотан биэрдэхпит. Онно хаалбытын өстөөхтөрбүт дьиктиргээн, тута сылдьаллар этэ…

– Валерий, бука, тыыннааҕыҥ тухары умнубат буолуохтааххын, өстөөхтөр эйигин БМП-нан тэбистэрээри эккирэтэ сылдьалларын эмиэ тарҕаппыттара. Ол ыксаллаах түгэҥҥэ тугу санаабыккыный?

– «Мишкабын» уонна «Колесо» диэн нуучча уолун кытта үһүөн “прикрытиеҕа” хаалан, ытыалаһан баран, туран куоппуппут. Ол кэмҥэ өстөөх тааҥкалара кэлэн ааспыттара. Онтон мин БМП-тан румын полкатын штурмовиктара ойуоккалаһан түспүттэрин көрөн ытыалаатым. Саллааттар БМП-нан хаххаланан, арай, мин диэки иһэллэр эбит. БМП элээрэн кэллэ. Өйбөр маҥнай “бүттүм, сиэтилэр” диэн санаа күлүм гыммыта. Онтон сүүрэн иһэн, аҥхайдаах сиргэ тимис гынан хааллым. Онтум, хата, холлороон эбит, олус устун сүүрэммин туора, ойуурдаах сиринэн тахсан кэллим. Биһиги ытыалаһарбытын чэчиэннэр халампааһынан көрө сыппыттар. Хамандыырдара «Али» саханы өлөрөөрү гыннылар диэн, сүүрэн кэлэн: “Дед, манна кэлэ оҕус!” – диэн хаһыытаан, ыҥыран ылла. Кини миэхэ дроннары ыттарар буолан, үчүгэйдик билэр, өссө снайперынан ыла сатаабытын: “Онно икки саха уоллаахпын. Кинилэри быраҕан кэлбэппин”, – диэбитим. Али миэхэ: “Тоҕо ити ытыалыыгын? Тыас таһаарбакка, куотан хаалыаххын”, – диирин мин: “Сэриилэһэ сылдьабын буолбатах дуо?”, – диэтэхпинэ, төбөтүн быһа илгистэр. Араассыйаҕа “Ворон пропал” диэн айдаан бөҕө буола турар эбит. Али: “Ворон тыыннаах, биһиэхэ баар”, – диэбитигэр комбатым түргэн үлүгэрдик кэлэн илдьэ барбыта. “Ворон” диэн ити мин позывнойум этэ.

– Туох наҕараадалааххыный?

– Бойобуой дьайыы бэтэрээнэбин. Икки сырыыбар иккиэннэригэр “Хорсунун иһин” мэтээлгэ түһэрбиттэрэ эрээри, биэрбэтэхтэрэ. Биһиги бастакынан сырыттахпыт. Ол саҕана баҕа өттүлэринэн тиийбит байыастарга  “наймыламмыттар” курдук сыһыан баара. Кэлиҥҥилэргэ биэрэр буолбуттар.

– Булчут бэрдэ буоллаҕыҥ?

–  Тайахха чугастыы Куорунайга тахсааччыбын, 5-6 сылтан бэттэх бара иликпин. Куска-хааска эмиэ сылдьыбат буоллум. Бачча ыраах төрүү-ууһуу кэлбит муҥнаахтарга илиибин көтөҕүөхпүн баҕарбат буолбуппун. Онон, сүрүннээн, сайын Намҥа тахсан, мотуорканан сылдьан балыктаһабын.

– Инникитин туох былааннааххын?

– Аны саас үөрэхпин бүтэриэхтээхпин. Университекка 2019 с. литератор идэтигэр үөрэнэ киирбитим. Специалитет, “литэрэтиирэ айымньыта” диэн. Иккиһинэн, “Суолбутун бэйэбит талабыт” диэн сэһэммин бүтэрэн, кинигэ гынан  бэчээккэ таһаарыам. “Айар” кыһа эрэдээктэрэ В.Н. Луковцев эрэдээксийэлээри күүтэн олорор.

– Валерий, “Туох барыта – үс төгүллээх” диэн баар, бойобуой кэккэҕэ үһүстээн барар тоҕоос көһүннэҕинэ, хайыаҥ этэй?

– Өскөтүн иирсээн дириҥээн-кэҥээн, В.В. Путин мобилизация биллэрдэҕинэ, саарбахтаабакка, барарга бэлэммин.

 

 ***

Суор Уолун кытта сэһэргэһиибит “Байанай” сурунаал быйылгы 2-с нүөмэригэр бэчээттэнэн, бу күннэргэ Новосибирскайтан тиийэн кэллэ. Оттон Валерий Иванович, бэйэтэ эппитин курдук, бу сырыыга даҕаны суолун бэйэтэ талла: “иирсээн дириҥээн” эрэрин көхсүнэн сэрэйэн, сэтинньи 8 күнүгэр “Боотур” Барс-2 этэрээтигэр киирсэн, бойобуой дьайыы буола турар сиригэр эмиэ “Ворон” буолан  көттө. Алта ыйга хантараактаһан барбыт. Билигин инники кирбиигэ Купянскай таһыгар баарын иһитиннэрдэ. Саха эр бэрдин айыылара араҥаччылаан, үсүһүгэр кыайыы көтөллөөх эргиллэн кэлэригэр баҕарабыт.

“Байанай” сурунаал 2025 сыллааҕы нүөмэрдэригэр Валерий Никифоров-Суор Уолун кэпсээннэрин таһаарарга былаанныыбыт. Онон “Байанай” сурунаалга суруттардаххытына, саха талааннаах суруйааччытын сэргэх, сонун суоллаах-иистээх айымньыларын кытта бастакынан билсиэххит.

 

Василий Никифоров

Хаартыскалары бойобуой дьайыы бэтэрээнэ Валерий Никифоров-Суор Уола тус архыыбыттан биэрдэ. Кэлиҥҥи хаартыскаларга – үһүстээн тиийбит, “буруолуу сылдьар” түгэннэрэ

Читайте дальше