Булт сезона аһыллыбытынан, хас биирдии булчут сиэри-туому тутуһан, айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһан, суобастаахтык бултуура — сокуон ирдэбилэ диэн санатабыт.
Бултааһын ирдэбиллэрэ тутуһуллуохтаахтар:
1. Нуорма быһыытынан биир булчут сааскы болдьоххо 30 атыыр кустан, 7 хаастан уонна 10 андыттан элбэҕи бултуо суохтаах.
2. Булт көҥүлүн (разрешениетын) кэннигэр баар туоһутун булгуччу толоро, төһө куһу бултаабытын суруйа сылдьыахтаах. Өскөтүн толорбот түгэнигэр, миэрэҕэ уонна ыстараапка тардыллар.
3.Сотуллубат быраабыла быһыытынан куруук атыыр эрэ куһу ытыллар.
4. Ыам ыйын бүтэһик күннэриттэн ойуур баһаардара саҕаламмытынан барар үгэстээхтэр. Ити кэмҥэ булчут киһи тыаҕа, ойуурга, арыыга уонна өрүскэ сылдьарынан, айылҕаҕа харыстабыллаахтык, бэйэ бодотун тардынан сылдьара ирдэнэр.
Эрэдээксийэ