Болот Боотур 109 сыла: Уус-уран тыл унньуктаах үлэһитэ

Ол 1933 сыллаахха этэ. Кэлин саха литэрэтиирэтигэр бэйиэт, прозаик, тылбаасчыт буола үүммүт Феоктист Софронов, Мындаҕаайы түөрт кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ сырыттаҕына, Василий Сергеевич диэн эдэр киһи учууталлыы кэлбитэ. Оччолорго тоҕо эрэ сотору-сотору үөрэнээччилэр уопсай мунньахтара буолуталыыра. Онно эдэр учуутал уол наар тыл этэрэ. Испиэктээх туруорууга, ырыа ыллыырга, хоһоон ааҕарга – барытыгар кини көҕүлээччи, салайааччы буолара.

Оттон эркин хаһыатын таһаарыыга өрүү Василий Сергеевич ыйара-кэрдэрэ, көмөлөһөрө – ону Феоктист, эрэдээктэр элээмэтэ уол, олус үчүгэйдик өйдүүрэ. Нэһилиэк, колхуос да мунньаҕар “Соловьев учуутал тыл эттэ” диэн улахан дьон кэпсэтэллэрин ол кэмҥэ үөрэнээччилэр элбэхтэ истэллэрэ. Оччолорго кини биир сиргэ таба турбат эрчимнээх, үлэҕэ-хамнаска уһулуччу көхтөөх ыччат эбит. Биллэн турар, ону кэнники өйдөөбүттэрэ. Ол туһунан, 70-с сыллар саҕаланыыларыгар, чороччу улааппыт Феоктист Софронов, үөрэмит оскуолатыгар сылдьан, оҕо сааһын санаан, маннык тыллары суруйбуттааҕа:

Манна эп-эдэр, оҕотук,

Василий Соловьев кэлбитэ.

Тэһииккэн соноҕос ат курдук,

Дьэ, кырдьык, халысхан уол этэ.

Омуннаах-төлөннөөх уола хаан –

Оскуола, нэһилиэк актыыба.

Холонон көрөрө ол сылдьан,

Хоһоону-ырыаны айарга.

Сааһыары биирдэ кини, Софроновы, оскуола иһигэр баар олорор хоһугар ыҥыран киллэрбитэ уонна араҕас тастаах халыҥ тэтэрээти ону кытта хас да лиискэ суруллубут хоһооннору биэрбитэ уонна ол хоһооннору халыҥ тэтэрээккэ үчүгэй буочарынан устарыгар сорудахтаабыта. Ол уопсай тэтэрээккэ хоһоон да, поэма да баар соҕус этэ. Оҕочоос Феоктист ол ону барытын биир тыынынан ааҕан кэбиспитэ уонна олус сөбүлээбитэ, “үчүгэйдик да суруйар эбит” диэн санаабыттааҕа.

Василий Соловьев өссө учууталлыан иннинэ, ШКМ-ҥа үөрэнэ сылдьан, уопсастыбаннай олоххо көхтөөхтүк кыттыбыт – “Армия” диэн колхуоһу тэрий         сибит, оскуола хомсомуол тэрилтэтигэр сэкирэтээрдээбит, маҥнайгы колхуостар олохторун-дьаһахтарын бөҕөргөтүүгэ күүһэ кыайарынан үлэлэспитэ. Ити кини оҕотук сааһыттан олоххо актыыбынайдык сыһыаннаһыытын көрдөрөрө.

Василий Сергеевич Соловьев – 1933 сылтан олоҕун тиһэх сылларыгар диэри, ол аата сааһын тухары, учуутал этэ.

Биһиги суруйааччыбыт, билигин санаатахха, олох кыһарҕаннаах да түгэннэригэр санаатын түһэрбэккэ, эр санаалаах, дьиҥнээх патриот. 1942 сылга Сэбиэскэй Армияҕа ыҥырыллан барбыта. Сэбиэскэй Сойуус арҕаа уобаластарын, Прибалтиканы уонна Польшаны босхолоспута, уордьанынан, мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.

Дойдутугар кэлэн, эмиэ куолутунан, учууталлаан барбыта. Сайын аайы үөрэнээччилэр туристическай похуоттарын тэрийэн, кэлин мусуой экспонаттарынан буолбут баай матырыйаалы хомуйтарбыта, оттон бэйэтэ тыл, литэрэтиирэ уонна устуоруйа үнүстүүтүн уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнин быһыытынан, дэлэй фольклорнай уонна этнографическай матырыйаалы хомуйбута. Кини маҥнайгы Култуура дьиэтигэр мусуой аспыта, ол мусуой кэнники судаарыстыбаннай буолбута. Балачча сааһыран баран, бэйэтин дьоҕурун уонна дьулуурун күүһүнэн, үрдүк үөрэҕи бүтэрбитэ.

Суруйааччы айымньыта кини олоҕун кытта арахсыспат ситимнээх, ол иһин кинилэр тустарынан кэпсээн ааһар тоҕоостоох.

Василий Соловьев маҥнайгы хоһоонноро өссө 1932 сыллаахха тахсыбыттара. Оттон суруйааччы бэйэтэ маҥнайгы сиппит-хоппут айымньытынан 1957 сыллаахха бэчээттэммит, Улуу Өктөөп 40 сыла туолуутугар ыытыллыбыт литэрэтииринэй куонкуруска иккис бириэмийэни ылбыт “Ол күн” диэн поэматын ааҕара. Ол туһунан кини бэйэтэ маннык ахтан аһарбыттааҕа: “Хаһааҥҥыттан суруйааччы буолбуккунуй? – диэҥҥэ хоруйдуурбун өрүү ыарырҕатабын. 1958 сылтан, “Ол күн” диэн поэмам күнү көрүөҕүттэн, дьиҥнээхтии суруйар үлэҕэ ылсыбытым. Ол иннинэ, ордук 1932-1937 сылларга “Кыымҥа”, “Бэлэм буолга” аҕыйах хоһоон бэчээттэммит эбит да, быһата дьаабылар”. Онон литэрэтиирэҕэ 30-с сылларга киирбитэ диэн этии онно суох эбит.

“Ол күн” – улахан поэма. Саха өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи уонна гражданскай сэрии кэминээҕи олоҕун ойуулааһыҥҥа анаммыта.

Бу ис хоһоонунан да, форма да өттүнэн, уобарастары оҥорор ньыматынан даҕаны сонун айымньы этэ. Поэма тыла-өһө чахчы баай, имигэс, эгэлгэ, ойуу-оһуор. Бу айымньыга хоһуйуу (описание) киэҥник туттуллар.

Василий Соловьев бу кинигэтинэн саха биллэр-көстөр бэйиэттэрин кэккэтигэр киирбитэ, ааҕааччылар киниттэн саҥа айымньылары күүтэр буолбуттара.

Биһиги билэрбитинэн, бэйиэт ити сылларга дьаныардаахтык үлэлээн, киэҥ далааһыннаах поэтическай айымньыларын саҕалаабыта, онно элбэх сыратын-сылбатын биэрбитэ.

Учуутал, үөрэх салаатын үлэһитин быһыытынан Василий Сергеевич хоту оройуоҥҥа хас да сыл үлэлээбитэ. Ол кэмҥэ кини, сылдьыбыт сиригэр ханна баҕарар буоларын курдук, хамнас аахсар үлэтинэн муҥурдаммакка эрэ, ол дойдуну бэркэ сэҥээрэн, кичэйэн үөрэппитэ. Кини ол дойду чымаан тыйыс эрээри, бэйэтэ туспа кистэлэҥнээх, кэрэхсэбиллээх, чахчы чаҕылхай айылҕатын этинэн-хаанынан билбитэ уонна сүрэҕинэн таптаабыта. Ити барыта кини дууһатыгар дириҥник иҥэн хаалбыт эбит уонна кэнники кинигэлэригэр дэлэгэй матырыйаалы биэрбитэ.

“Хомурахтаах мин дойдум” (1965) диэн хомуурунньукка киирбит хоһооннорго биһиги дьикти үйэбит наукатын, тиэхэньикэтин сөҕүмэр ситиһиилэрин бэйиэт көтөҕүллэн туойбута. Кинигэни арыйа баттыыргын кытта “Айхалланнын атом үйэтэ!” диэн хоһоону ааҕаҕын.

Былыргыттан баара сахаҕа

Былыты быһыта көтөр баҕа.

Сындыыс курдук субуруҥнаан,

Сыыдамнык сырыттар диэн санаа,

Ол былыргы дьон дойҕоҕо

Буолла дии олох номоҕо…

Бэйиэт хоту дойдуга таптала, кини айылҕатыгар сүгүрүйүүтэ “Үтүө сир Үйээнди”, “Туундара сааскыта”, “Хоту муора кыыһырбыт уора”, “Саамай хоту” диэн хоһоонноруттан биллэр. Кини оҕолорго анаан суруйбут “Куобахчааныгар” даҕаны ити тиэмэ – эмиэ биир саамай сүрүн.

Василий Соловьев – эҕэлээх этитиилээх, талааннаах сатирик. Бу кинигэҕэ киирбит, туспа биир салааҕа түмүллүбүт хоһооннор ааҕааччыны олохтон ылыллан суруллубуттарынан, бэргэн ох тылларынан тардаллар. Ол хоһооннортон “Чоҕой уонна Ньоҕой”, “Сорока соруоха”, “Холоон хотука” орудк табыллыбыттар.

Маассабай ааҕааччы бэйиэт Василий Соловьевтааҕар прозаик Болот Боотуру ордороро. Ол төрүөтүнэн эмискэ күөрэс гына түспүт “Сааскы дьыбардар” романа буолбута. Киһи бу айымньыны саха биир бастыҥ романа диэн киэн тутта ааттыыр.

Болот Боотур, куолутунан, дьоруойдарын олохторун-дьаһахтарын, майгыларын-сигилилэрин уратыларын бириинчиктээн, иҥэн-тоҥон ырыппыт. Ол барыта киһи бэркиһиэн курдук биллэр, дьэҥкэтик көстөр. Ол эрээри, биирдэ баран эттэххэ, аҥардас билии эрэ кыра. Уустуга, улахана – ону ааҕааччыларга тиийэр гына ойуулааһын, тыыннаах уобарастары айыы. Ол манан аххан дьыала буолбатах. Олохтоохтор тылларын-өстөрүн наһаалаабакка, бэйэ билэринэн өҥнө сатаабакка, саамай наадалаах тоҕоосторго саталлаахтык кыбытан биэрэн, ааҕааччыны ол дьон эйгэтинэн тулалыыр.

Эчи ыараханын, эрэйдээҕин, эрэлэ суоҕун эбитин дьадаҥы булчут эбээн Сэргэчээн дьиэтин кэргэттэрин олоҕун дуома! Быстарыылаах олоххо үөрэнэн хааланнар, хоргуйарга эрдэттэн өйдүүн-санаалыын бэринэн, бэлэмнэнэн кэбиһэллэр. Бу биир торджох ыалын эстиилээх-быстыылаах олоҕунан сирэйдээн, суруйааччы эбээннэр урукку ынырык дьылҕаларын дьулааннаах хартыыналарын итэҕэтиилээхтик илэ-бодо көрдөрөр.

Ол эрээри, эбээн барыта итинник ыардык олорбот эбит. Каганкаан – аҕа ууһун баһылыга, ородобуой ыстаарыһа Үрэкиин оҕонньор тыһыынча табалаах, кыһыл, үрүҥ көмүстээх, эгэлгэ кылааннаах түүлээхтээх. Ол дойду эмиэ туспа икки атахтаах адьырҕалардаах: атыыһыт, сүүлүк, түүлээх, баай-дуол иннигэр биир санаалаахтарын – үрүҥ бандьыыттары илиитэ салҕыбакка, кыратык да суобаһыгар таарыттарбакка дьууктуур Дьэргэ Дьэрэмииһэп, бандьыыт, хаартыһыт Уолуктай Уоһук, албынынан-көлдьүнүнэн аатыра сылдьыбыт, айаҕын ииттибит Сүллүкү ойуун. Саха сирин киин оройуоннарыгар эстибит бандьыыттар тобохторо хоту хорҕойоннор, көнө, итэҕэйимтиэ эбээннэри иирдэллэр, кыа хаанынан илгэстэллэр.

Сааһын тухары учууталлабыт суруйааччы ыччакка ордук чугаһа, ыччат дууһатын курдары билэрэ өйдөнүллэр суол. Ол иһин даҕаны эбээн эдэр сибэккилэрин Аанча, Коля, Хаарчаан, Ньуурка уобарастара олус уйаҕастык, умсугутуулаахтык ойууламмыттар. Барахсаттар сүрэхтэрэ ырааһын, майгылара көнөтүн, үтүөҕэ, саҥаҕа баҕалара күүһүн! Ааҕааччыны кинилэр дьылҕалара кимиэнинээҕэр ордук долгутар.

Баартыйа уонна Сэбиэскэй былаас бэрэстэбиитэлэ, бэриниилээх хомуньуус, уопуттаах үлэһит таб. Попов, Үйээндигэ саҥа былааһы, саҥа салалтаны олохтуур. Ородобуой ыстаарыһа эбээн баайа Үрэкиин оҕонньор оннугар Дьокуускайга аналлаах үөрэҕи бүтэрэн, бэлиитикэ өттүнэн сайдыылаах дьиҥнээх комсомолеһы Коляны – Николай Дойдуунускайы быыбардатар. Уопуттаах хомуньуус саҥа үлэһит буолан эрэр комсомолецка, ыраахтан да сыттар, мэлдьи көмөлөһөр. Эрчимнээх, эр санаалаах комсомолец ыччаттары, дьадаҥылары түмэ тардан, саҥа олоҕу тэрийбитинэн барар, оскуола туттарар, баайдары уодьуганныыр бандьыыттар тобохторун, бэйэтин дьонун уонна Казачьеттан кэлбит күүс көмөтүнэн бэйэтэ кытта кыргыһан, этэргэ дылы, хаанын биэрэн, имири эһэр, Сэбиэскэй былааһы букатыннаахтык туругурдар. Николай Дойдуунускай – хотугу дойду дьоруойдуу ыччатын салайааччытын – уобараһын ааптар ааҕааччыга улаханнык биһирэтэр, итэҕэтэр гына айбыт.

Болот Боотур бу романын В. Дудинцев, Н. Гордеевалыын нууччалыы тылбаастаан Бүтүн Сойуустааҕы ааҕааччыга тириэрдибиттэрэ.

Бүгүн, 109 сылын бэлиэтиир ытыктыыр суруйааччыбыт Василий Сергеевич Соловьев-Болот Боотур олоҕун тиһэх сылларыгар диэри кулун атаҕар сылдьыбыта. Кини ол курдук 70-с сыллар ортолоругар “Уһуктуу” диэн романын маҥнайгы кинигэтин бүтэрэн, “Хотугу сулус” сурунаалга кылгатан бэчээттэтэн таһааттарбыта.

Нуучча улуу суруйааччыта Михаил Лермонтов“Мин эрдэ саҕалаатым, эрдэ бүтэриэм”, — диэбиттээх. Оннук буолбута. Онтон Болот Боотур бэйэтин хойут саҕалаабыт суруйааччынан ааҕынара. Кырдьык, кини суруйааччы быһыытынан айар үлэтэ уһун унньуктаах буолбута.

Сэмэн Жендринскэй, «Саҥа олох» хаһыат, Чурапчы

Читайте дальше