Билиигэ-көрүүгэ угуйар үөрэх кыһатыгар

Н.О. Кривошапкин аатынан Өймөкөөн орто оскуолатыгар Билии күнүн бырааһынньыгын алын кылаас учуутала Варвара Лукина иилээн-саҕалаан, үөрүүлээх быһыыга-майгыга салайан ыыппыта.

Бырааһынньыкка Өймөкөөн улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, кыраайы үөрэтээччи, элбэх кинигэ ааптара Тамара Васильева кыттыбыта. Тамара Егоровна мустубут дьоҥҥо барыларыгар истиҥ эҕэрдэтин тиэрдэн, Өймөкөөн кырдьаҕас оскуолатын устуоруйаттыттан кылгастык билиһиннэрбитэ.Тэрээһини ыытааччы «Үөрэх – инникигэ дьулуур, үрдүккэ-сырдыкка талаһыы биир үрдүк кирилиэһэ, кэлэр кэскил кэрэһитэ, дьоллоох-соргулаах олох үүнэр-сайдар силиһэ – диэн тылларыгар доҕуһуоллатан оскуолабыт үрдүнэн маҥнайгы чуораан лыҥкыначчы тыаһаан барыбытын долгуппута, сүргэбитин көтөхпүтэ.

Өймөкөөн орто оскуолатыгар өр сылларга бииргэ үлэлээбит, алтыспыт кэллиэгэлэрбэр, учууталларга, техүлэһиттэргэ, төрөппүттэргэ, бары үөрэнээччилэргэ бу үөрэх сыла ураты ситиһиилээх, табыллыылаах буоларыгар баҕарабын.

 Тамара Винокурова, биһиги общ. корр.,Өймөкөөн