Соторутааҕыта биһиги оскуолабытыгар нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин нэдиэлэтэ буолан ааста.
Үөрэнээччилэр нэдиэлэ чэрчитинэн “Таптыыр кинигэлэрим страницаларынан” диэн тиэмэҕэ уруһуйдаатылар. Маны тэҥэ кинигэ быыстапката тэрилиннэ. Оскуолабытыгар кылаас ааннарыгар нуучча тылын туһунан ох тыллаах цитаталардаах табличкалар ыйаннылар, маныаха кылаастар бары көхтөөхтүк кытыннылар.
РФ Педагог уонна уһуйааччы сылынан “Тапталлаах учууталым” диэн өйтөн суруйуу куонкурса уонна каллиграфияҕа ”Көмүс бөрүө” куонкурус ыытылынна.
“Үчүгэй тэтэрээт” диэн ааттаах быыстапка-куонкурус бэрт сэргэхтик буолла. Манна 7-с кылаас уонна 5-с кылаас үөрэнээччилэрэ Даниил Колесов, Туйаара Кривошапкина бастыҥнарынан ааттаннылар. Оҕолор ”Билии аукциона” диэн биктэриинэҕэ кытта таарыйа элбэҕи биллилэр-көрдүлэр. Араатардар ”Бил, таптаа нуучча тылын!” диэн тиэмэҕэ дакылаат бэлэмнээтилэр.
Нэдиэлэни түмүктүүр тэрээһин “Бал Наташи Ростовой” диэн романтичнай ааттанна. Оскуолабыт аактабай саалатын 19-с үйэ саҕанааҕы истиилинэн киэргэтэн, кыргыттар бары бальнай былааччыйалаах, уолаттар көстүүм кэтэн, таҥнан-саптан кэлбиттэрэ олус долгутуулаах этэ.
Бэртээхэй нэдиэлэ буолбутуттан оҕолор да, учууталлар да наһаа астыннылар. Тэрийээччилэргэ, нуучча тылын учууталларыгар Елена Кимовна Аммосоваҕа уонна Людмила Павловна Репинаҕа эҕэрдэ! Киэргэтиини оҥорбут, оҥорсубут үлэһиттэргэ, оҕолорго барыларыгар махтал!
Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.
Найаана Корякина, 7-с кылаас, Н.О. Кривошапкин аатынан Өймөкөөн орто оскуолата