Биир дойдулаахтарым амарах сыһыаннара үөрдэр

Соторутааҕыта биһиги уолбут Яков Тарков ыстаадаҕа күнүнэн тиийиэхтээх сириттэн биллибэтэҕэ төрдүс сууккатыгар мин ыксаан, участковай Александр Аммосовка тиийбитим. Итинник түгэҥҥэ туох-ханнык дьаһал ылыллыахтааҕын сүбэлэтиэм диэн санааттан.

Уолбут соҕотоҕун кыһыннары-сайыннары айанныы үөрэхтээҕин да иһин, син биир айан аата айан, суол аата суол — араас буолуон сөп. Яков Ильич үлэлиир базатыттан сааскы ахсаан дьонун бэс ыйын 12 күнүгэр Томторго аҕалтаан баран, 13-кэ ыксаан тыатыгар төннүбүтэ. Хара уу тахсан хаайтарыы буолуо диэн уонна аҕата, саастаах киһи Илья Яковлевич базаҕа соҕотоҕун хаалбытыттан. Билиҥҥи кэмҥэ сибээстэһэр ситим арааһа баар курдук эрээри, онно базаҕа тиийиэххэ наада.

Аҕата уола болдьоммут кэмигэр кэлбэтэҕиттэн, ыксаан сибээһинэн  барарын-кэлэрин биллэрбэккэ, уолугар тиийэн көмөлөһөн илии-атах буолбут.

Участковай Александр Владимирович Аммосов бэс ыйын 17 күнүгэр сайабылыанньаны ылаат да, суһаллык тэринэн, көлө-сирдьит булунан, киэһээ 17 чааска айаҥҥа дьон туруммуттара. Уоллаах аҕа Тарковтар аара көлөлөрүн оҥостон базаларын киэһэ 10 аҥар чаас саҕана булууларыгар, кэннилэриттэн Аммосовтаах онно тиийэн, биллэрэн уоскуттулар.

Бу түгэҥҥэ Томторум нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ ийэ долгуйуутун, сэрэхэдийиитин өйдөөн,  көмөлөһөргө бэлэмнэрин биллэрбиттэрэ, амарах сыһыаннара олус үөртэ уонна  долгутта.

Онон амарах санаалаах биир дойдулаахтарбар хаһыат нөҥүө ийэлии итии-истиҥ махталбын тиэрдэбин.

Марианна ТАРКОВА,

Томтор олохтооҕо

Бу туһунан сиһилии «Хотугу сардаҥа» хаһыакка ааҕын

Читайте дальше