Үөрүүлээх дьаһал балаҕан ыйын 19 күнүгэр Дьокуускайга ыытыллыбыта.
Ытык киһи Прокопий Ксенофонтов – норуоттар икки ардыларынааҕы суруйааччылар түмсүүлэрин, СӨ суруйааччыларын сойууһун, Арассыыйа, Саха сирин суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Өймөкөөн улууһун литературнай бириэмийэлэрин лауреата, үлэ бэтэрээнэ, Өймөкөөн улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.
Дьоһуннаах тэрээһин кыттыылаахтара сойуус инники саҕахтарын дьүүллэстилэр, дуоһуйа сэһэргэстилэр, айар үлэлэрин ырытыстылар.
Сүбэ мунньах кыттыылаахтара суол-иис мөлтөҕүн аахсыбакка ыраах Сунтаартан, Өймөкөөнтөн тиийэ сойууспут туһа диэн кэлбиттэрэ олус сэргэхситтэ диэн бэлиэтээтилэр.
Саха талба талааннаахтара бу тэрээһиҥҥэ истиҥник сэһэргэһисэргэ бэйэ ыккардыгар айар үлэлэрин мындырдарыттан үллэһиннилэр, санааларын атастастылар. Прокопий Николаевич 2023 с. күн сирин көрбүт “Олох салҕанар” диэн кинигэтин Николай Аржаков-Боло Ууска бэлэх уунна.
Быйыл сайын Өймөкөөҥҥө халаан уута тахсан үгүс харгыстары үөскэппитэ биллэр. Кэргэннии Ксенофонтовтар түгэнинэн туһанан, киин куоракка айанныылларыгар көмөлөспүт олохтоох дьаһалтаҕа (нэһилиэк баһылыга Павел Васильев) махталларын тиэрдэллэр.
Любовь Кривошапкина