Элбэх киһи «Тэтим» саха араадьыйатын биэриилэрин сөбүлээн истэр. Ордук дьиэҕэ олорор аҕам саастаах дьон кинини күнү быһа арахсыспат аргыс, доҕор оҥостоллор. Биһиги сарсыарда тураат да араадьыйабытын тутатына холбоон истэбит. Соторутааҕыта «Тэтим подкаст» быһа эпииригэр Туяна Итегелева ыалдьыттыыр диэни иһиттибит. Бэркэ билэр киһибит, Өймөкөөн орто оскуолатыгар үөрэппит оҕобут аатын истэн мин сэҥээрэ, үөрэ түстүм.
ТУЯНА Биэрэк-Үрдүттэн төрүттээх. Кини парикмахер идэтин баһылаан кэрэ сэбэрэ эйгэтигэр ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар эбит. Ол да иһин кинини саха араадьыйатыгар «Кыһыҥҥы кэмҥэ баттаҕы көрүнүү» диэн биэриигэ анаан-минээн ыҥырдахтара. Эпиир ыалдьыта Саха сирин тымныы усулуобуйатыгар баттаҕы хайдах сөптөөхтүк көрүнэр, харайар туһунан сиһилии кэпсээтэ, ыытааччы Ньургуйаана Ботуева ыйытыктарыгар хоруйдаата.
Мин Туяна туһунан сиһилии сырдатыахпын баҕаран, кинилиин эрдэттэн болдьоһон, Ойуунускай аатынан уулуссаҕа баар Дьыалабыай кииҥҥэ, кини үлэлиир сиригэр тиийдим.
БИҺИГИ чаас устата тиһигин быспакка сэһэргэстибит. Салҕыы Туяна кэпсээбитин билиһиннэрэбин.
— Мин Өймөкөөн орто оскуолатын 2007 сыллаахха бүтэрэн баран, М.К. Аммосов аатынан университекка культурология салаатыгар үөрэнэн, үөрэхпин кыһыл дипломунан бүтэрбитим. Үөрэммит кафедрабар, ол кэнниттэн Өймөкөөн улууһугар култуура салаатыгар, Култуура министерствотыгар кылгас кэмнэргэ үлэлии сылдьыбытым.
Билигин дьиэҕэ баттах мааскатын оҥостор киһи суоҕун кэриэтэ. Сөптөөх усулуобуйа да суох, сорох киһи намылыйар, бириэмэтэ да тиийбэт. Онон парикмахерскайга «СПА-уход» диэн анал эмтэниини идэтийбит маастар оҥороро ордук. Үгүс киһи баттаҕа түһэрин туһунан кэпсиир, бу ис уорган туругуттан буолуон сөп. Анаалыс туттаран, биричиинэтин билэн наадалаах битэмииннэри, эбииликтэри туһанан, сөптөөхтүк аһаан, баттаҕы чөлүгэр түһэриэххэ сөп.
— Биһиэхэ дьон тас көрүҥнэрин эрэ буолбакка, олохторун тутулун, бэйэлэрин бүтүннүү уларытыахтарын баҕаран кэлэллэр. Ханнык баҕарар киһи, бастатан туран, бэйэтин таптыахтаах, бэйэтигэр болҕомтотун ууруохтаах диэн санаалаахпын, — диир Туяна Итегелова.
— Мин Туянаҕа 2018 сылтан сылдьабын. Өссө улаатан эрэр 9 саастаах кыыһым кини өҥөтүнэн эмиэ туһанан эрэр. Онон Туянаны «семейнай парикмахербыт» диэхпитин сөп. Киниэхэ «Фея красоты» диэн аат биэрбиппит. Клиеннарга олус үчүгэй сыһыаннаах, эйэҕэс, култууралаах, үгүс элбэх саҥата-иҥэтэ суох үлэтин үрдүк таһымҥа оҥорор маастар, — диэтэ киин куорат олохтооҕо Климентина.
Оннук да буолан Туяна иһитиннэрэр-көрдөрөр хампаанньаҕа ыҥырыыга сырыттаҕа. Былырыын кинини «Саха» НКИХ «Эйгэ» диэн телевизионнай биэриитигэр «Актуальнай бүрүчүөскэлэр» диэн тиэмэҕэ ыалдьыт быһыытынан кытыннаран турардаахтар.
ҮӨРЭҔИРИИ эйгэтигэр үлэлээбит, үлэлиир да учууталлар, биһиги, үөрэнээччилэрбит тустарыгар хаһан баҕарар дууһалыын ыалдьабыт. Кинилэр олоххо миэстэлэрин буллахтарына үөрэбит, ситиһиилэринэн киэн туттабыт. Үгүс үөрэппит оҕолорбут орто анал, үрдүк да үөрэҕи бүтэрэн, араас идэҕэ уһуйуллан диплом ылан баран, ол идэлэринэн, хомойуох иһин, үлэлээбэттэр. Онтон хайдах эрэ сүөм түһэр, сонньуйар үгэстээхпит. Ол кистэл буолбатах.
Мин Туянаҕа бу туһунан туруору ыйытыыны биэрбиппэр, кини: «Киһи бу олоххо тус бэйэтэ сүрэҕэ-дууһата сытар, таптыыр үлэлээх, дьиҥнээхтик бу – чахчы миэнэ – диир дьарыктаах буолуохтаах», — диэн быһаарда. Бу эппиэти ылынан, Туяна уонна кини өҥөтүнэн туһанар кэрэ аҥардар тустарыгар испэр үөрэ санаатым.
Инникитин даҕаны кыыспыт үлэтигэр өссө үрдүк ситиһиилэри, өрө дабайыыны, тус олоҕор дьолу-соргуну, табыллыыны баҕарабын.
Сиһилии «Хотугу сардаҥа» хаһыакка ааҕыҥ
Тамара Винокурова,
общ. корр., Дьокуускай