Дурда-хахха эр хоһуун
Дурда-хахха эр хоһуун
Эн, Орто дойдуга оҥоһууҥ кыл түгэн.
Ыйааһын хараҕар олоҕуҥ,
Күн сырдыгар хас күн олороруҥ.
Элбэхтэн элбэх охтор сэриитигэр,
Эт-хаан илбирийэр сырыытыгар,
Утуйбат харах, өй-санаа мөккүөрэ,
Уот кутааттан өрүһүллэр өлүүттэн.
Көмүскэс хааныҥ удьуоргуттан уһуктубута,
Ийэ барахсан ботугуруу хаалбыта,
Кэлээр дуу диэн уйадыйан ылбыта,
Кэккэлэһэ кэскилиҥ сыста түспүтэ.
Эрэл, таптал арыаллыы сырыттыннар,
Үрдүк Айыылар араҥаччылыы турдуннар.
Эрэллээх доҕор аттыгар буоллун,
Уйулҕаны хамсатар сэрии тохтоотун!
Дария Тихомирова
Төннөн кэлээр дойдугар
Эмискэ этиҥ этэринии
Дьулаан сурах, суоһар бирикээс
Хорсун-хоодуот дьоммутун
Хомуурга атаарда…
Ыал аайы бүрүүкээтэ
Уу-чуумпу, кэтэнии,
Ийэ-аҕа нүксүйдэ
Санааҕа ылларда.
Оҕолорбут, ыччаттарбыт
Ийэ сирдэрин көмүскүү
Туруннулар уһун суолга
Кытаанах санааны ылынан.
Айыылартан ааттаһа
Үрдүкүлэргэ үҥэ-сүктэ
Харахтарын уутун кистээн,
Сайыһа хааллылар бар дьоно.
Уол оҕото, охтума,
Саалаахтан самныма.
Айыыларыҥ араҥаччылаан,
Төннөн кэлээр дойдугар!
Ыарахан баттык күннэргэр
Истээр дуу, хомуһуҥ тыаһын.
Тоҥор-хатар кэмнэргэр
Санаар дуу, дойдуҥ сайынын.
Оччоҕо хомус тыаһа
Санааҕын сааһылыа,
Самныбат саргылыа,
Быстыбат төлкөлүө.
Дьонуҥ-сэргэҥ ахта-саныы
Күн аайы күүтэллэрин
Андаҕар курдук ылынан,
Уол оҕо, охтоохтон охтума!
Айыыларбыт арчылаан
Күүстэ-уохта биэриҥ,
Сахабыт хорсун уолаттарын,
Уоттаах сэрииттэн өрүһүйүн.
Кыайыы хайаан да кэлиэ,
Сырдык күн сылаанньыта тыгыа,
Эргиллиэхтэрэ кыайыы көтөллөөх,
Сахабыт сирин хотойдоро!
Анна Белолюбская
Алгыаҕыҥ
Эркин курдук эрэнэр
Эр хоһуун дьоммутун,
Бука диэн харыстыыр
Бириэмэ кэллэ, дьүөгэлээр.
Ыарыы, сэрии сүпсүлгэнэ
Кэбирэтэр өйү-санааны,
Ийэлэр, тапталлаах кэргэттэр,
Өйөөҥ, чугас дьоҥҥутун.
Сарсыҥҥы күммүт таабырын,
Ким да билбэт туох буолуон,
Бүгүҥҥү күнү уруйдааҥ,
Эрэнэр дьоҥҥут баалларыгар.
Кэргэттэрбит, уолаттарбыт,
Түүҥҥү тумаҥҥа муммакка,
Тумарыкка сүппэккэ,
Этэҥҥэ сырыттыннар.
Аал уоппутун аһатыаҕыҥ,
Үрдүк Айыыларга сүгүрүйүөҕүҥ,
Алгыстаах алаадьынан
Алгыс маанытын аныаҕыҥ!
Майя Винокурова-Ньургууна