Биһиэхэ сэргэбит суолтата сүҥкэн

Өймөкөөн нэһилиэгэр улахан уу кэлэн, үөрэммит, үлэлээбит эргэ начальнай оскуолабытын сүүрүктээх уу харылаччы мэҥэстэн эрэрин видеоҕа уста охсон куйаар ситимигэр ыытан, улахан долгуйууну таһаарбыта.

Буолумуна, итинтэн төһөлөөх оҕо-ыччат үөрэнэн, кынат анньынан, сайдан тахсыбыттара буолуой, сүрэхпит чопчутугар кэрэ өйдөбүлү хаалларбыт биир маанылаах уораҕайбыт этэ.

Бу оскуолаҕа үтүмэн элбэх учуутал үлэлээн, оҕолору билиигэ сирдээн, үөрэтэн-такайан аастахтара.

Бу иннинэ өрдөөҕүтэ эргэ улахан оскуоланы, остолобуойу, интернаты саҥа талыллыбыт салалта устудьуон оҕолорунан көтүттэрбитэ, ыраастаппыта. Силигин ситэрэн, оскуола иннигэр баар ууну аһардар мас бөҕөргөтүүнү уоттаппыта содуллаах буолла.

Арай, оскуола турбутун туоһулуурдуу тимир бэлиэ уонна икки мас сэргэ туран хаалаахтаабыттара.

Бу тимир бэлиэни уонна биир мас сэргэни оскуолабыт аһыллыбыта 50 сылыгар туруорбуттара. Киһи бөҕө ыраахтан-чугастан кэлэн көрсүһэн, кэпсэтэн ааспыта, кэрэ түгэн этэ.

Көрөргүт курдук, судургу буолан баран, дириҥ суолталаах өйдөбүлү биэрэр кэрэ бэлиэ.

Оттон иккис мас сэргэни биһиги, 1969 с. выпустар, онтон-мантан хомуллан кэлэн, оскуоланы бүтэрбиппит сүүрбэ сылыгар 1989 с. туруорбуппут. Кэлин хам-хаадьаа,  истиҥник көрсүһэр этибит. Оскуоланы бүтэрбит 20, 25, 30 сылларбытын төһө-хачча кэлбиппитинэн бэлиэтиирбит.

Мин бөһүөлэккэ таарыйдаҕым ахсын сэргэлэрбин хайаан да көрөн ааһабын. Сэргэбин наһаа убаастыыбын, харыһыйабын.

Оччолорго орто оскуола манна эрэ баара. Оҕолор ыраахтан — Тарынтан, Төрүттэн, Сордоҥноохтон, Томтортон, Үчүгэйтэн кэлэн үөрэнэллэрин, интернакка икки корпуһунан олорон үөрэммиттэрин, үксүлэрэ өйдүүллэрэ буолуо.

Ол кэмҥэ биһиэхэ соҕурууттан эдэркээн бэйэлээх, биһигиттэн эрэ арыый аҕа эбитэ дуу, математика учууталынан уонна кылаас салайааччытынан Пинженина-Морозова А.М. кылгас кэмҥэ үлэлээн, сөҕүмэр билиини, үтүө өйү-санааны, тапталы иҥэрэн ааспыта. Ону кэлин үлэһит буолан баран истиҥник ахтабыт.

Оскуоланы 1969 с. бүтэрбиттэртэн улуус, өрөспүүбүлүкэ киэн туттар дьоно тахсыбыттара.

Биһиги көлүөнэ үлэ үөрүйэхтэрин иҥэринэн, бөҕө тирэхтээх, туруу үлэһиттэрдээх дии саныыбын.

Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.

Валентина Ксенофонтова, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Өймөкөөн

Читайте дальше