Биэс хоһуун уолаттаргыт хотойдуу көттүннэр!

Норуот сайдар кэскилэ дьиэ кэргэн туруктаах олоҕуттан эмиэ тутулуктаах. Биллэрин курдук, дьиэ кэргэн — уопсастыба туллар тутааҕа.

Босиковтар дьиэ кэргэннэрэ 2014 сыллаахха олунньу 14 күнүгэр тэриллибитэ. Ыал ийэтэ Надежда Владимировна Төрүт нэһиэлиэгин кулуубун дириэктэринэн үлэлиир. Аҕалара Семен Иннокентьевич билигин «Алмазы Анабара” тэрилтэҕэ үлэлиир-хамсыыр. Кини 10 сыл устата Төрүт нэһилиэгин аҕа баһылыгынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Баһылыгынан үлэлиирин тухары нэһилиэк сайдарын туһугар үгүс сыратын биэрбитэ, элбэх сытыы боппуруостары туруорсубута.

Надежда Владимировна уонна Семен Иннокентьевич 5 уол оҕолоох дьоллоох төрөппүттэр. Кинилэр бириэмэ буллулар эрэ ойуурга сылдьалларын, сир астыылларын, араас дойдуларга күүлэйдииллэрин олус сөбүлүүллэр. Босиковтар араас таһымнаах тэрээһиннэргэ, күрэхтэргэ бары дьиэ кэргэнинэн көхтөөхтүк кытталлар.

Биэс уол оҕону иитии манан дьыала буолбатах. Онон төрөппүттэр уолаттарын кыра эрдэхтэриттэн бэйэни көрүнэ сылдьыыга, үлэҕэ сыстыгас буолууга, айылҕаны кытта алтыһыыга уһуйаллар.

Надежда Владимировна уонна Семен Иннокентьевич оҕолоругар өрүүтүн үтүө холобуру көрдөрөргө кыһаллаллар.

Бөҕө туруктаах, иллээх ыал кистэлэҥэ тулуурдаах, мындыр буолууга, бэйэ-бэйэни ытыктаһыыга, сөҕүрүйбэт истиҥ, сылаас сыһыаҥҥа, эппиэтинэстээх буолууга сытар, — диэн Босиковтар санааларын үллэстэллэр.

Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.

Ольга Скрыбыкина

Читайте дальше